Айсен Николаев Михаил Мишустиҥҥа Нерюнгри куорат сайдар былаанын билиһиннэрдэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустиҥҥа Нерюнгри куораты социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн сайыннарар былааны билиһиннэрдэ.

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илин эрэгийиэн сайдыытын түргэтэтэр туһунан ыйаахха илии баттаабытын кэнниттэн Нерюнгри саҥа тыыны ылан сайдан барбыта. Холобур, онно»Соҕуруу Саха сирэ” диэн территориялары урутаан сайыннарар  (ТОР) бырайыагы тэрийии улахан сабыдыаллаах буолбута.

РФ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга министиэристибэтин социальнай сайыннарыы киинин былаанынан  оҕо поликлиниката өрөмүөннэниллибитэ, уу ситимэ уонна канализация бастакы уочарата саҥардыллан оҥоһуллубута,  Соҕуруу Саха сиринээҕи технологическэй кэллиэс базата Ворлдскиллс стандартынан саҥардыллыбыта. Доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр саҥа эбийиэктэри тутуу ыытыллар.

“Соҕуруу Саха сирэ” диэн территориялары урутаан сайыннарыы резиденэ «Колмар» хампаанньа 104,6 млрд солк. былааннаммыт инвестицияны олоххо киллэрэн, 6,4 тыһ үлэ миэстэтин таһааран, чох хостооһунугар урукку өттүгэр толорулла илик кирбиини ситистэ. Оттон «Эльгауголь» хампаанньа оҥорон таһаарар кээмэйин лаппа улаатыннарда. «Колмар» хампаанньа үлэһиттэригэр уонна куорат олохтоохторугар тупсаҕай усулуобуйалары тэрийэр сыалтан  “Р” кыбаарталы тута сылдьар. Бу бырайыак чэрчитинэн, 9 517,4 мөл солк. инвестицияны тардан, 94,9 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх олорор дьиэ үлэҕэ киириэҕэ.  Бырайыагы өйүүргэ диэн Саха сирэ  дойду үрдүнэн маҥнайгынан федеральнай бүддьүөттэн 917,4 мөл солк. суумалаах инфраструктурнай бүддьүөт кирэдьиитин ылбыта.

2021 сыллаахха Айсен Николаев Нерюнгри оройуона 2026 сылга диэри социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын туһунан Ыйаахха илии баттаабыта. Сайдыы тосхоло олох бары эйгэтин таарыйар, 2026 сылга диэри Нерюнгри оройуонун нэһилиэнньэтэ 80 тыһ. тиийиэхтээх.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0