Айсен Николаев: Миэстэтигэр сайыҥҥы баһаары утары охсуһууга күүстээх үлэ барыахтаах

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ойуур баһаарын утары охсуһууга быйыл 2 млрд солк. тахса үп көрүллүбүт, Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев социальнай ситимнэргэ быһа эпииргэ иһитиннэрдэ.

Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, федеральнай үбүлээһин 5,6 төгүл улааппыт, 1,6 млрд солкуобайтан тахса буолбут. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллэр үп эмиэ икки төгүл элбээн, уопсай суумма 2 млрд ордубут.

Онон, Айсен Сергеевич этэринэн, сайыҥҥы баһаардары быйыл икки төгүл намтатыах тустаахпыт.

«Ити сорук быйыл эмиэ кураан буоларын учуоттаатахха, олус судургу буолбатах. Биһиги халлаанынан кэтээн көрүү чааһын (авиамониторинг) 4 төгүл улаатыннардыбыт, оттон сиринэн — 8 төгүл. Ойууру харыстыыр тэрилтэлэрин уонна Якутлесресурсалар үлэһиттэрин ахсаана икки төгүл элбээтэ. Анал техника атыыластыбыт. Былырыыҥҥыга холоотоххо быдан бэлэммит», -диэтэ кини.

Айсен Николаев тоһоҕолоон бэлиэтээбитинэн, федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи эрэ күүстэргэ эрэммэккэ, миэстэтигэр, муниципальнай тэриллиилэргэ күүстээх үлэ барыахтаах, эрдэттэн бэлэмнэнии дьаһаллара ылыныллыахтар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын Пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0