Айсен Николаев Мэҥэ Хаҥаласка сылдьар

Бөлөххө киир:

Ил Дархан э.т. Айсен Николаев бүгүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үлэлии сылдьар. Эбиэт иннинэ Аллараа Бэстээххэ, Майаҕа социальнай-экономическай эбийиэктэри көрдө.

edersaas.ru

Айсен Сергеевич Аллараа Бэстээххэ икки эбийиэккэ сырытта. Ол курдук, бөһүөлэккэ биир улахан бырайыагынан тимир суол вокзалын үлэҕэ киллэрии буолар.

Бу тутуу 2005 с. саҕаламмыта. Быйыл федеральнай бырагырааманан 1,95 млрд солк. көрүллүбүтэ. Аны кыһын тутуу үлэтэ түмүктэниэхтээх. Билигин үлэһиттэргэ анаан кылгас кэмҥэ олорор бөһүөлэк, электролиния оҥоро, ону сэргэ, вокзалы ситэрэ-хоторо сылдьаллар. Манна даҕатан, «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Василий Шимохин Айсен Николаевка Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста ханан ааһыахтааҕын билиһиннэрдэ.

Иккис улахан бырайыагынан  «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходства» ААУо өрүс кытылыгар тутар терминала буолар. Бу тутууну былырыыҥҥыттан саҕалаабыта. Терминал сууккаҕа 1260 тонна таһаҕаһы аһарар кыахтаах буолуохтаах. Бу бырайыак 2021 с. үлэҕэ киириэхтээх.


Салгыы Майаҕа сылдьан, Д.Ф.Ходулов аатынан Норуот театрын дьиэтин-уотун көрдө. Майалар култуура тутуутун туруорсубуттара ыраатта. Билигин баар кулууп 1966 с. тутуллубута. Хаарбах туруктаах эбийиэктэр ахсааннарыгар киирбитэ. Ону таһынан, Ил Дархан эбээһинэһин толорооччу быйыл саҥа үлэҕэ киирбит «Кэнчээри» оҕо саадыгар сырытта.


Эбиэттэн киэһэ Төҥүлүгэ «Хоту», «Тумул» бааһынай хаһаайыстыбаларга, СГТХА филиалыгар сырытта. Киэһэ Аллараа Бэстээххэ улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар мунньах ыытыаҕа.

Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0