Айсен Николаев: «Куттал ааһа илик, дьиэҕитигэр олоруҥ!»

Ааптар: 
07.04.2020
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн, муус устар 7 күнүгэр, сарсыардааҥҥы брифиҥҥэ дьиэҕэ хааччахтанан олорор эрэсиими дьон-сэргэ кэспэтигэр ыҥырда:

— Кэнники күннэргэ Дьокуускайга дьон таһырдьа тахсара, сылдьара элбээтэ. Уопсастыбаннай тырааныспарынан сырыы элбээтэ, тэрилтэлэргэ, уулуссаҕа сылдьар дьон үксээтэ. Ити — сыыһа. Хомойуох иһин, коронавирус дьаҥын биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр кыайдыбыт диир кыахпыт суох. Атын эрэгийиэннэргэ дьаҥ улааппытынан, биһиги Сахабыт сиригэр бу ыарыы киириэн сөптөөҕө сабаҕаланар.

Хомойуох иһин, оннооҕор, тас дойдуттан кэлбит сорох дьон дьиэҕэ хааччахтанан олоруу эрэсиимин кэһэр түгэннэрэ баар. Кинилэр бары самоизоляция чэрчитинэн хонтуруолга сылдьаллар. Онон ханна кэлбиттэрэ-барбыттара барыта биллэр. Холобур, суотабай сибээһинэн көстөр. 

— Бүгүн атын эрэгийиэнтэн көтөн кэлбит дьон ортотугар 7 киһи үрдүк кыраадыстаах буолан, хонтуруолга ылылынна. Кинилэр тута балыыһаҕа атаарылыннылар. Бу дьонтон анаалыс ылыахтара.

Онон өссө төгүл хатылаан этэбин, Саха сирин олохтоохторо, самоизоляция эрэсиимин тутуһуҥ. Ордук Дьокуускай, Жатай, Нерюнгри, Мииринэй олохтоохторо, кытаатан бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥутун харыстааҥ!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0