Айсен Николаев: Климент Иванов аата биир үйэни ситимниир

Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн судаарыстыбаннай деятель, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин, “Бочуот бэлиэтэ” уордьан кавалерын Климент Иванову 85 сааһынан эҕэрдэлээтэ. Климент Егорович “Норуоттар доҕордоһууларын уонна эйэни бөҕөргөтүү иһин” бочуотунай бэлиэни туттардылар.

Айсен Николаев Климент Егорович Саха сирин социальнай-экономическай сайдыытыгар, саҥа судаарыстыба атаҕар туруутугар, парламент сайдыытыгар ылар оруола улаханын бэлиэтээтэ.

“Климент Егорович Саха сирин судаарыстыбаннай деятеллэрин биир тумус туттар киһитэ буолар. Сэбиэскэй Сойуус кэнниттэн дойдуну, өрөспүүбүлүкэни чөлүгэр түһэриигэ, биһиги эрэгийиэммит Арассыыйаҕа бэйэтин миэстэтин булунарыгар киллэрбит кылаата сүҥкэн. Кини талаанынан, өйүнэн-санаатынан, олоххо уопутунан, дьыалабыай хаачыстыбатынан Сахабыт сирин, Арассыыйаны таһынан тас дойдуга биллэр”, – диэн бэлиэтиир Айсен Сергеевич.

Климент Егорович үлэтин Сунтаар, Абый, Өлүөхүмэ, Үөһээ Бүлүү, Хаҥалас улуустарыттан саҕалаабыта. 80-с сыллар бүтүүлэригэр “Север” агропромышленнай кэмбинээт дириэктэринэн үлэлээбитэ. X, XI, XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт дьокутаатынан, Миниистирдэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн, СР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн ананан үлэлээбитэ. Кэлин РФ бэрэсидьиэнигэр бастайааннай бэрэстэбиитэлинэн,Ил Түмэн дьокутаанынан үлэлээбитэ.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0