Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр Донецкай уонна Луганскай Народнай Өрөспүүбүлүкэлэригэр, Запорожье, Херсон уобаластарыгар референдум ыытылла турар. Ил Дархан Айсен Николаев Кировскай куоракка салгыы көмө барыаҕын туһунан бүгүн быһа эпиирин кэмигэр иһитиннэрдэ.
– Арассыыйа аармыйата, ол иһигэр биһиги Сахабыт сирин байыастара, бу эрэгийиэннэри көмүскээһиҥҥэ сылдьаллар. Билигин бу эрэгийиэннэр 70-тан тахса бырыһыаннара тахсан куоластаатылар. Куоластааһын түмүгэ сарсын, өйүүн биллиэҕэ. Тус бэйэм онно сылдьыбыт буоламмын, балаһыанньаны барытын билэ олоробун. Кировскайга РФ бэрэсидьиэнигэр Саха сирин бэрэстэбиитэлэ-вице-премьер Андрей Федотов бэйэтинэн тиийэн куораты чөлүгэр түһэриигэ үлэлэһэ сылдьар. Кировскайга салгыы да биһиги көмөлөһө олоруохпут. Билигин 2-с нүөмэрдээх оскуоланы чөлүгэр түһэрии бара турар. Ону таһынан суол-иис, социальнай инфраструктураны чөлүгэр түһэрии барыаҕа, коммунальнай хаһаайыстыба эбийиэктэригэр улахан үлэ наада. Бу маннык уустук кэмҥэ үөскээбит биһиги доҕордоһуубут үтүө түмүктэрдээх буолуоҕар тус бэйэм итэҕэйэбин, – диэн этэр Айсен Сергеевич.
Санатан эттэххэ, бүгүн, балаҕан ыйын 26 күнүгэр, киэһэ 19 чаастан Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпииргэ тахсан, Саха сирин олохтоохторун ыйытыыларыгар хоруйдуу олорор. Быһа эпиир кэмигэр Кировскай куорат олохтоохторо быһа сибээскэ тахсан Ил Дархаҥҥа, Саха сирин олохтоохторугар дириҥ махталларын тиэртилэр.
Аграфена КУЗЬМИНА