Айсен Николаев киин куорат баһылыгын солотугар киирдэ

Ааптар: 
19.09.2017
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ Дьокуускай куорат дьаһалтатын Улахан саалатыгар тэриллибит Айсен Николаев куорат дьаһалтатын баһылыгын дуоһунаһыгар киириитин үөрүүлээх сиэригэр-туомугар өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Егор Борисов, бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Николаев, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, куорат бочуоттаах олохтоохторо, тэрилтэлэр салайааччылара, уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ уо.д.а. кыттыыны ыллылар.

edersaas.ru

Куорат быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Алла Самойлова быыбар түмүгүн иһитиннэрэн баран, Айсен Николаевка “Дьокуускай куорат” куораттааҕы уокурук баһылыгынан талыллыбытын туоһулуур дастабырыанньаны туттарда. Куорат олохтоохторун итэҕэллэрин ылан, быыбарга баһыйар үгүс куолаһынан хотон, иккис болдьоҕор талыллыбыт баһылыгы бастакынан Ил Дархан Егор Борисов эҕэрдэлээтэ. Куорат дьаһалтата ааспыт сылларга ыыппыт үлэтин-хамнаһын дьоһуннук сыаналаан туран, өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарда.

Айсен Николаев баһылык солотугар киирэр андаҕар тылларын этэригэр итэҕэллээх дьонноругар, быыбардааччыларыгар өйөбүллэрин иһин махтанна, инники былааннарын, ол иһигэр куорат инфраструктуратын тупсарыыга, суолу-ииһи оҥорууга, социальнай эбийиэктэри тутууга, хаарбах туруктаах дьиэлэри көһөрүүгэ, инновационнай уонна креативнай экономиканы сайыннарыыга бэйэтин көрүүлэрин билиһиннэрдэ. Куорат олохтоохторун кыттыыларынан оҥоһуллубут «Норуот бырагырааматын» олоххо киллэрии бүгүҥҥү күнтэн саҕаланарын эттэ. Саҥа баһылык бастакы дьаһалынан оҕо саадтарыгар аһылыгы тэрийиигэ көрүллэр үп 72 мөл. солк. диэри улаатыннарылынна. Онон, 2018 сылтан бүддьүөттэн үбүлээһин 75 % үрдэтиллэн, оҕо саадтарыгар саҥа биир кэлим меню оҥоһуллуоҕа, онуоха сүрүн оруолу бэйэбит хаһаайыстыбаларбыт оҥорон таһаарар, экологическай өттүнэн ыраас, сибиэһэй, иҥэмтиэтинэн баай  астара-үөллэрэ (чыыр, муксуун балыктар, убаһа этэ, уулаах отон, үрүҥ ас, оҕуруот аһа…) ылыахтара.

Раиса Сибирякова, Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0