Айсен Николаев “Кэбээйитээҕи экспресс” сибээс волокно-оптика линиятын арыйда

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сангаарга, бэҕэһээ, “Кэбээйитээҕи экспресс” сибээс волокно-оптика линията арылынна. Мииринэйтэн видеокэмпириэнсийэ сибээһинэн Кэбээйи олохтоохторун өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.

Өрөспүүбүлүкэ инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистирэ Анатолий Семенов, Кэбээйи оройуонун баһылыга Иван Левин, Сангаар баһылыга Николай Попов, тэлэбиидэнньэ уонна араадьыйанан биэрии тэхиньиичэскэй киинин генеральнай дириэктэрэ Андрей Ребров уонна “МТС” ПАУо өрөспүүбүлүкэҕэ дириэктэрэ Роман Фелиферов кунуопканы баттаан, ВОЛС холбоотулар.

 “Аныгы киһи олоҕун таһымын кини аан дойдуну кытта сибээһэ быһаарар. Кэбээйи оройуонугар оптоволокно оскуолаларга, балыыһаларга, кулууптарга цифровой эйгэ сайдыытыгар көмөлөһүөҕэ, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр хаачыстыбаларын тупсарыаҕа, урбаанньыттар дьыалабыай көхтөөх буолууларын үрдэтиэҕэ. Бу барыта дьон бэйэлэрин дойдуларыгар дьоллоохтук уонна этэҥҥэ олороллоругар дьоһун суолталаах”, — диэтэ Ил Дархан  бэйэтин эҕэрдэтигэр.

Айсен Николаев кэнники сылларга “Ростелеком” уонна “МТС” хампаанньалар уонна тэхиньиичэскэй киин көмөлөрүнэн 7 тыһыынча килэмиэтир оптоволокно тардыллыбытын бэлиэтээтэ. Түргэн Интэриниэт 169 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа кэлбит. Оттон 2025 сылга өссө 2 тыһыынча килэмиэтир оптоволокно тардыллыаҕа.

Санатан эттэххэ, “Кэбээйитээҕи экспресс” сибээс волокно-оптическай утаҕын тутуу былырыын саҕаламмыта. Бу кэм устата тэлэбиидэнньэ уонна араадьыйанан биэрии тэхиньиичэскэй киинэ 300 км кабелы тарта, ити Нам уонна Кэбээйи оройуоннарын түргэн интэриниэтинэн хааччыйда. ВОЛС аһарар кыаҕа – сөкүүндэҕэ 10 Гбит.

Билигин Сангаарга туһанааччылары кытта үлэлэһэллэр. Интэриниэккэ хайы-үйэ 350 тахса абонемент холбоммутун туһунан эттилэр. Ону тэҥэ, оройуон киинигэр “МТС” ПАУо 4G мобильнай интэриниэтэ баар буолла.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0