Айсен Николаев: «Көмөлөспөтөхтөр — эппиэттиэхтэрэ!»

Бөлөххө киир:

Ил Дархан э.т. Айсен Николаев ыам ыйын бүтүүтэ халаан содулун туоратыыга анал ыйаах таһаарбыта. Ол чэрчитинэн, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, баһылыктар тустаах эппиэтинэһи сүгэллэр.

edersaas.ru

Кини бу боппуруоска бырабыыталыстыба чилиэннэрин кытары мунньахтыырыгар ха­лаан содулун туоратыыга ыытыллар үлэ ситэтэ суоҕун бэлиэтээтэ. “Билигин сорох улууска дьон-сэргэ туох көмөнү ылыахтаахтарын да билбэккэ олороллор. Ити аата миэстэтигэр информацияны тириэрдии, дьону консультациялааһын ситэ ыытыллыбакка турар. Мин көрдөхпүнэ, билигин улуус баһылыктара уонна бырабыыталыстыба тус-туһунан үлэлииллэр. Мин бу үлэнэн астыммакка олоробун. Бырабыыталыстыба чилиэннэрэ хас күн, хас чаас аайы улуустары кытары сибээстэһэ олоруҥ, миэстэтигэр тиийэн нэһилиэнньэни кытары көрсүҥ, ыйытыыларыгар хоруйдааҥ”, —диэн эттэ Айсен Сергеевич.
Бырабыыталыстыба туһааннаах министиэристибэлэриттэн, биэдэмистибэлэриттэн хас биирдии нэһилиэнньэлээх пууҥҥа эппиэтинэстээх дьон анаммыттара. “Хас биирдии анаммыт киһи нэһилиэнньэлээх пуунугар барытыгар эппиэтинэһи сүгэр. Бүддьүөттэн көрүллүбүт харчы кэмигэр тиийэрин уонна сыалыгар көдьүүстээхтик туһанылларын кэтээн көрүөхтээх. Биһиги халаан уутугар хас биирдии эмсэҕэлээбит киһиэхэ көмө тиийэрин ситиһиэхтээхпит. Социальнай тутуулар бары балаҕан ыйыгар чөлүгэр түһүөхтээхтэр”, — диэн бэлиэтиир премьер-миниистир э.т. Владимир Солодов Ил Дархан э.т. Айсен Николаев көрсүһүүтүн кэнниттэн анал хамыыһыйа мунньаҕар.
Халаан содулун туоратыыга, социальнай эбийиэктэри чөлүгэр түһэрии үлэтигэр устудьуоннар тутар этэрээттэрэ барбыттара. Билигин 266 байыас үлэлии сылдьар. Манна даҕатан эттэххэ, билигин өрөспүүбүлүкэттэн кэлэр көмө харчы муниципальнай тэриллиилэргэ барыларыгар барбыт. Аны билигин федеральнай бүддьүөттэн кэлэр харчыны тыырыахтаахтар.

Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0