Бу күннэргэ Ил Дархан Айсен Николаев инвестицияҕа Анал этиитин таһаарда. Манна кини социальнай суолталаах алта улахан бырайыагы ааттаталаата. Уонна олохтоох оҥорон таһаарыы сайдыытыгар хас да этиилэри киллэрдэ.
edersaas.ru
АЛТА ЭБИЙИЭК
Бастакытынан, Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаны. Иккиһинэн, искэни эмтиир диспансер иккис уочаратын тутууну. Үсүһүнэн, Жатайдааҕы устар аалы оҥорор собуоту уонна Дьокуускай аэропордун терминалын саҥардыыны. Төрдүһүнэн, Үрдүкү технология пааркатын уонна Киһи дааннайдарын хомуйар киини олоххо киллэриини. Бэсиһинэн, судаарыстыба уонна чааһынайдар бииргэ үлэлээһиннэрин ньымаларынан киин куорат социальнай эбийиэктэрин тутууну. Алтыһынан, гааһы оҥорон таһаарар тэрилтэлэри тэрийии. Бу бырайыактарга эппиэттээх дьонунан бырабыыталыстыба чилиэннэрэ Кирилл Бычков, Ольга Балабкина, Алексей Колодезников, Анатолий Семенов, Майя Данилова уонна Максим Терещенко ананнылар.
СИСТИЭМЭНИ УЛАРЫТА ТУТУУ
Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин сайыннарыыга инвестиция тутулун уларытар, сырьета суох эйгэҕэ үгүөрү үбүлээһини угар кэм кэлбитин бэлиэтиир. “Бу эйгэ сүрдээх киэҥ уонна манна туһуламмыт бырайыактар олоххо киириилэрэ уһун. Ол эрээри биһиги билиҥҥиттэн бу туһунан толкуйдуурбут наада. Онуоха инвестицияҕа туһулуур бэлиитикэбитин уларыта тутуохтаахпыт. Өрөспүүбүлүкэбитигэр инвестицияны тардарга үгүс инвесторы кытары кэпсэтэрбитин биир сүрүн сорук быһыытынан көрөбүн. Аҥаардас бу манан дьарыктанар “институттары” эрэ тэрийиинэн муҥурдаммакка, хас биирдии хардыыбытын ааҕынан-суоттанан былааннаах үлэни ыытыахтаахпыт. Ол ыытар үлэбит көдьүүстээх, түмүктээх буолуохтаах. Онуоха билигин инвестицияҕа үлэлэһэ сылдьар биэдэмистибэлэри, түмсүүлэри бэрээдэктээн биэриэхпитин наада”, — диэн иһитиннэрэр Ил Дархан. Холобур, билигин Инвестиционнай сайдыы агентствота Инвестицияны тардыы уонна тас дойдуга таһааран атыылааһыны көҕүлээһин агентствотыгар уларыйда.
БОЛҔОМТОНУ – САҤА БЫРАЙЫАКТАРГА
Айсен Сергеевич бэлиэтээбитинэн, инвестиционнай бырайыактарга 2024 сылга диэри 500 миллиард солкуобай киириэхтээх. Бырайыактары талыыга күүстээх хонтуруол барыахтаах. Көдьүүһү аҕалбат бырайыактарга сыр-мыр харчыны барыах оннугар, эттээх-сииннээх улахан бырайыактарга үбүлээһин түмүллүөхтээх. “Дьон-сэргэ үлэлээх буолуутугар туһуламмыт, туох баар ирдэбиллэргэ барытыгар эппиэттиир бородууксуйаны оҥорон таһаарар бырайыактары көрдүүбүт. Бу бырайыактар олоххо киирэн, нолуок төлөөн, бүддьүөппүтүн хаҥатарга төһүү күүс буолуо этилэр. Ону таһынан инвестордарга тулалыыр эйгэни харыстааһыны, социальнай эппиэтинэстээх буолууну биир сүрүн ирдэбил быһыытынан туруорабыт”, — диэн этэр Айсен Николаев.
Ил Дархан бу Анал этиитигэр суол-иис, туризм, сынньалаҥ, информационнай технология, үөрэх, ойуур, тыа хаһаайыстыбаларын, креативнай экэниэмикэ, биотехнология эйгэлэригэр сонун, саҥа бырайыактары көрдүүллэрин бэлиэтээтэ.
ХАМПААННЬАЛАР ЭППИЭТИНЭСТЭРЭ ҮРДҮӨҔЭ
Биллэн турар, инвестордар ханна инфраструктура сайдыылаах сиригэр харчыларын кутуохтарын баҕараллар. Биһиги сирбит-уоппут сүрдээх киэҥ. Ол иһин судаарыстыба суолу-ииһи, сибээһи, уот ситимин оҥорууга илиитэ-атаҕа тиийбэт. Онон сибээстээн, улахан хампаанньалар олохтоох нэһилиэнньэ интэриэһин учуоттуохтаахтар. Ити – хампаанньалары кытары үлэлэһиигэ биир улахан ирдэбил.
Манна даҕатан эттэххэ, РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыам ыйынааҕы ыйааҕар 12 хайысхаҕа национальнай бырайыактары таһаарбыта. Ол чэрчитинэн үлэ-хамнас баран, олохтоохтор, биһиги, суолбут-ииспит, сибээспит тупсуохтаах, аэропортарбыт, социальнай эбийиэктэрбит тутуллуохтаахтар. Ону ааһан, бу бырайыактар өрөспүүбүлүкэбит биисинэһин сайдыытыгар, саҥа үлэ миэстэтин таһаарыыга сүҥкэн кылааты киллэрсиэхтээхтэр.
Аны туран, Уһук Илин сайдыытын хайысхатынан биһиэхэ сайдыы биир тутула ситимнэнэн тахсыахтаах. Билигин өрөспүүбүлүкэбитигэр икки урутаан сайдар сир үлэлиир. “Соҕуруу Саха сирэ” бырайыакка “Колмар” хампаанньа кэлэн, билигин Арассыыйа үрдүнэн бастыҥ урутаан сайдар сир буолла. “Хаҥалас” индустриальнай пааркаҕа технопаарка үлэҕэ киирэн, “Саюри” сылы эргиччи үлэлиир тэпилииссэ тутуллан, инвестицияны тардыыга биир эмиэ баттаамалаах бырайыагынан буолла.
СОКУОНУ САҤАРДЫЫ
Ону таһынан, Ил Дархан инвестиция сокуоннарын саҥардыы барыахтааҕын эттэ. Билигин федеральнай сокуон, ирдэбил күн-түүн уларыйа турар. Онно сокуоннарбытын сөп түбэһиннэрэн оҥоруу, инвестиционнай стратегияны саҥардыы – үлэ биир хайысхата. “Бу үлэ тоҕо нааданый? Бастатан туран, биһиги инвестордарбытын кытары былааннаах, биир ситимнээх үлэни ыытарбытыгар. Иккиһинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ биисинэс сайдыытыгар, бюрократизм суох буолуутугар туһуланар”, — диэн бэлиэтиир Айсен Сергеевич. Манна даҕатан кини докумуону оҥоруу, урбаанньыт эбийиэгин тутарыгар сиргэ-уокка, уот, гаас ситимнэригэр көҥүлү ылыытын болдьоҕо кыччыахтааҕын бэлиэтээтэ.
Ону таһынан судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөнү оҥорор кииннэр үлэлэрин кэҥэтэн, эһиил урбаанньыттарга анаан эбии 10 “түннүгү” арыйарга эттэ. Интэриниэт ситиминэн оҥоһуллар өҥөлөр 70 % элбиэхтэрэ.
ОЛОХТООХ ОҤОРОН ТАҺААРААЧЧЫЛАРГА
Олохтоох оҥорон таһаарааччыларга туһаайан, Айсен Николаев 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн урбаанньыттар туох баар тиэхиньикэлэрин нолуогуттан босхолоноллорун туһунан эттэ. Ону таһынан, тэрилтэ баайын-дуолун кадастровай сыанатынан төлүүр нолуогун өссө биир сыл уһатарга сорудахтаата.
Туһааннаах эйгэлэргэ (хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа, сибээскэ, медиа-ресурсаларга) күөн күрэстэһиини, чааһынай инвестицияны, үрдүкү технологияны киллэрэр туһуттан судаарыстыбаннай тэрилтэлэри уларыта тутарга диэн бэлиэтээтэ. Холобур, олох-дьаһах, хомунаалынай хаһаайыстыбаны хотугу, арктическай эрэ улуустарга хаалларан баран, чааһынайга ыытыахха сөп.
Ону сэргэ, социальнай эйгэҕэ судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөрү аутсорсиҥҥа ыытары иһитиннэрдэ. Манна доруобуйа харыстабыла, үөрэхтээһин, социальнай эйгэ хабылынна.
Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат.