Айсен Николаев Интерфакска: «Дьоҕус биисинэһи күүскэ өйүүбүт»
Ил Дархан Айсен Николаев Интерфакска интервью биэрдэ. Кириисиһи утары ханнык миэрэлэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата бастакы уочарат ылынан эрэрин туоһуласпыттар.
«Саамай сүрүнэ дьон олоҕун таһыма оннунан хаалыахтаах, үлэ миэстэтэ сарбыллыа суохтаах. Бүгүҥҥү быһаарыылар ол туһугар оҥоһуллаллар», — диэтэ Айсен Николаев хоруйугар.
Ол туһугар былаас дьоҕус уонна орто биисинэһи күүскэ өйүүр, хоту таһаҕаһы тиэрдэр урбаанньыттарга көмөлөһөр.
Бастатан туран, упрощеннай диэн ааттанар систиэмэнэн төлөнөр нолуогу аччыахтаах. Ити өйөбүл барыта быһа холоон 2,5 млрд солк. тэҥнэһэр.
Аны хоту социальнай суолталаах табаары тиэрдэр “Якутопторг” тэрилтэҕэ 208 мөл. солк. субсидияны тыыран биэрбиттэр. Бу бурдук уонна да атын да ас-үөл сыанатын оннугар тутуохтаах. Кууһунан атыылыыр урбаанньыттарга анаан кирэдиит бырыаһын төлөһөллөрүгэр 150 мөл солк көрүллүбүт. Быйыл киириэхтээх кадастрга олоҕуран төлөнүллүөхтээх нолуогу эһиилгигэ көһөрөн биэрбиттэр.
Тутааччылары өйөөрү абаанса быһыытынан 50 % диэри харчыларын эрдэттэн ыытарга быһаарбыттар. Тутуу уонна суол тэрилтэлэрин өйүүргэ “Алмаасэргиэнбаан» нөҥүө чэпчэтиилээх кирэдиит былааннаммыт.
Инньэ гынан, Айсен Николаев бэлиэтииринэн, дьоҕус биисинэс туруктаах буоларын ситиспиттэр. Ити барыта экэниэмикэ туруктаах буоларыгар туһуланар.
«Саха сирэ» хаһыат