Айсен Николаев Ил Түмэни реформалыырга этии киллэрдэ

Бөлөххө киир:

Айсен Николаев Анал этиитин кэмигэр Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньах үлэтигэр уларыйыылары киллэрэргэ санаатын эттэ. Кини этэринэн, бу уларыйыылар Ил Түмэн үлэтин көдьүүһүн көрдөрүөхтэрэ.

«Саха сирэ 90-с сылларга курдук сокуону оҥорууга лиидэр буолуохтаах. Онон норуодунай дьокутаатары уонна уопсастыбаннаһы парламены реформалыыр туһунан толкуйдуурга ыҥырабын. Кэлэр мунньахтан бу туһунан көрөргө этии киллэрэбин. Куруук үлэлиир дьокутаат ахсаанын 35-кэ диэри элбэттэххэ, парламент үлэтэ түргэтиэ уонна көдьүүстээх буолуо этэ», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев эттэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0