Айсен Николаев: «Ийэ сылыгар мөлүйүөн ахсааны ситиһиэхпит»

Бөлөххө киир:

Муус устар 26 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпиир кэмигэр көрөөччүлэр ыйытыыларыгар хоруйдаата.

—Быйыл биллэриллибит Ийэ сылыгар туох түмүктэри күүтэҕит?

— Бастатан туран, Ийэ сылын түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэ мөлүйүөн ахсааннаах олохтооҕо төрүө диэн кэтэһэбит. Сыл саҕаланыаҕыттан 3 тыһыынча кэриҥэ оҕо төрөөтө уонна “100 сыл оҕолоро” хапытаал сэртипикээтин туттулар. Мин статистиканы күннэтэ көрө-билэ олоробун – билигин биһиги хаһааҥҥытааҕар да бу кэрдиискэ чугаһаан турабыт. Кыалыннаҕына, бэс ыйыттан саҕалаан, хас биирдии төрөөбүт оҕонон мөлүйүөн ахсааҥҥа төһө чугаһаабыппытын ааҕар буолуохпут. Онон, туох да мэһэйдээбэтэҕинэ, барыта былаан быһыытынан, баран иһэбит.

Саха сирэ урут-уруккуттан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэрдээҕинэн биллэрэ – билигин төрөөһүн коэффициенынан, Уһун Илиҥҥэ – 1-кы, Арассыыйаҕа – 7-с миэстэҕэ сылдьабыт.

Бу манна “100 сыл оҕолоро” хапытаал эмиэ туһалыа диэн эрэнэбин. Бу хапытаалы таһынан, быйыл оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр эбии миэрэлэри киллэрдибит. Ол курдук, 4-5 оҕолоох ыаллар култуура, успуорт тэрилтэлэригэр сылдьалларыгар төлөбүрэ 50% намтаата, 5-тэн элбэх оҕолоох ыаллар кэккэ тэрилтэлэргэ буор-босхо сылдьар кыахтаннылар. Оҕону иитэ ылар дьиэ кэргэттэргэ өйөбүл эмиэ үрдээтэ. Ийэ буолууну, элбэх оҕолонууну, дьиэ кэргэн сыаннастарын өйүүр, тарҕатар тэрилтэлэргэ гранынан өйөбүл суумата 6 төгүл үрдээтэ.

5-тэн элбэх оҕолоох ыаллар олорор усулуобуйаларын тупсарар бырагырааманы хамсатар сорук турар. Уочарат наһаа бытаан, ону үбүлээһинин элбэтэн, чугастааҕы сылларга уочараты суох гыныахтаахпыт. Ийэлэргэ, дьиэ кэргэттэргэ өйөбүлгэ салгыы да болҕомто уурулла туруо диэн этэбин. Сахабыт сирин бары ийэлэригэр оҕолоргутун тапталынан бүөбэйдээн, сыраҕытын харыстаабакка, дьоһун дьон гына иитэргитигэр махталбын этиэхпин баҕарабын.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0