Айсен Николаев: Хотугу муустаах муоранан сырыы өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар улахан оруоллаах

Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев Хотугу муустаах муоранан сырыы Арктика, хоту дойду, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар улахан оруоллааҕын туһунан “РБК” ханаалыгар биэрбит интервьютугар иһитиннэрдэ.

Санатан эттэххэ, муус устар 13 күнүгэр РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арктика, хоту дойду сайдыытыгар улахан мунньах ыытан турар. Онно кини Хотугу муустаах муоранан айаны сөргүтүүгэ биир сүрүн болҕомтотун уурбута.

Дойду бэрэсидьиэнэ Арктика сайдыытыгар муус устар 13 күнүгэр ыыппыт мунньаҕа, мин санаабар, олус суолталаах. Манна кини 2035 сылга диэри Хотугу муоранан айан сайдыытын былаанын бигэргэтэргэ эттэ. Иккиһинэн, бэрэсидьиэн хотугу навигацияҕа анал сокуон бырайыагын Судаарыстыбаннай Дуумаҕа оҥорон киллэрэргэ РФ бырабыыталыстыбатыгар сорудах биэрдэ. Мин санаабар, бу икки түһүмэх биһиэхэ тыын боппуруоспут. Биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн Арассыыйа арктикатыгар 13 оройуоммут киирэн турар. Ол иһин Хотугу муустаах муоранан айан биһиэхэ улахан суолталаах. Арҕааҥҥы дойдулар араас хааччаҕы киллэрэр кэмнэригэр биһиги Азия, Тиихэй акыйаан кытылыгар олорор дойдуларга бородууксуйабытын таһаарарбыт элбиэхтээх, ити биһиэхэ эрэ буолбакка Арассыыйаҕа барытыгар сыһыаннаах, – диэн бэлиэтиир Айсен Сергеевич.

Аграфена КУЗЬМИНА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0