Айсен Николаев ТАСС-ка биэрбит интервьютугар Хоту таһаҕаһы тиэйиигэ санааларын үллэһиннэ. Владимир Путина соторутааҕыта эмиэ ити боппуруоска кэккэ дьаһаллары биэрбитэ.
Айсен Николаев Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Хоту таһаҕаһы тиэйиигэ сөптөөх эдьаһаллары биэрбитин, туспа сокуон тахсыахтааҕын күүскэ өйүүрүн этиннэ.
— Саха сирэ уруккуттан хоту таһаҕаһы таһыынан бэйэтэ дьарыктанан кэллэ. Дьиҥэр, биһиэхэ федеральнай бүддьүөттэн тырааныспар ороскуотун толуйар субсидия наада. Федеральнай таһымҥа тустаах кэккэ быһарыныы таҕыстаҕына, ити боппуруос быһаарылыннаҕына, тырааныспар схематын оҥорорго биһиэхэ көмө наадата суох. Биһиэхэ тимир суолунан, өрүһүнэн, халлаанынан хоту таһаҕаһы таһар бэйэбит хампаанньалардаахпыт. Сорох эрэгийиэннэргэ баҕар муоранан таһаҕаһы тиэрдэргэ көмө ирдэнэрэрэ буолуо. Онно хас да хайысханы бииргэ көрөн, табыгастааҕын талыах тустаахпыт, — диэтэ Айсен Сергеевич.
Салгыы Айсен Николаев Хоту таһаҕаһы тиэйиигэ бэйэтин санаатын үллэһиннэ. Кини этэринэн, бу наһаа судургу буолбатах, ол иһин сокуон барылын эрэгийиэннэри кытта дьүүллэһэр ордук.
“Холобура, Хоту таһаҕаһы тиэрдии диэн тугуй? Онно туох киирэрий? Табаары, аһы-үөлү, уматыгы, корпорациялар оборудованиеларын барытын манна киллэриэххэ эмиэ сөп. Биитэр суолталаах табаардары, аһы-үөлү испииһэктээн судаарыстыба кэтит моонньугар олордуохха сөп. Судаарыстыба барытын ылынара, биир курдук, урбаан сайдарыгар мэһэйдэһиэн, конкуренцияны атахтыан, табаар хаачыстыбытыгар охсуон сөп”, — диир Ил Дархан.
Кини этэринэн, судаарыстыба барытын хаба сатаабакка, тырааныспар, логистика схематыгар көмөлөһүөхтээх, ороскуоттарын толуйуохтаах.
Хотугу муустаах муоранан таһаҕаһы таһыы туһунан ыйытыкка, Айсен Николаев Тиксии уонна Зеленомысскай өрүс пуордун туһунан этэн кэпсээтэ. Билигин манна наһаа элбэх таһаҕас сүөкэммэт уонна мантан тиэйиллибэт. Ол эрэн, Ил Дархан этэринэн, 2032 сылга диэри бырамыысыланнас күүскэ сайыннаҕына, таас чох, гаас, ниэп хостонноҕуна, Арктикаттан 20-30 мөл. туонна таһаҕас муоранан таһыллыаҕа. Тиэллэр таһаҕас элбээтэҕинэ Тиксии Найбатыгар улахан хараабыллар тиксэр, дириҥ уулаах пуорт тутуллуон сөп. Айсен Николаев этэринэн, Хотугу муустаах муора суола куттала суох буоларын туһугар быыһыыр сулууспалар тэриллиэхтээхтэр.
«Саха сирэ»