Айсен Николаев: Хас да ыйга  тиийэр ас саппааһа баар

Ааптар: 
23.03.2022
Бөлөххө киир:

Бүгүн  “Быһаччы кэпсэтии” биэриигэ Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев кытынна.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин өйүүр миэрэлэргэ тохтоото. Кини Арассыыйа бэрэсидьиэнин Владимир Путин сорудахтара туолуутун, аһынан-үөлүнэн хааччыллыы, хамсыкка, халаан уутугар бэлэмнэниигэ сыһыаннаах күннээҕи  түбүктэргэ тохтоото.

Ил Дархан Айсен Николаев, бастатан туран, Бырабыыталыстыба уонна СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тыа сирин дьонугар муҥутуур өйөбүлү оҥороллоругар сорудахтаабытын эттэ. Ол курдук, билиҥҥи уустук балаһыанньа кэмигэр түргэнник ситэр салааны сайыннарыыга болҕомто ууруллуоҕа. Сиэмэ хортуоппуйунан хааччыллыыга көмө оҥоһуллуохтаах. Бааһынай ырыынагар бу сиэмэ хортуоппуйа атыыланар, онон атыылаһааччылар сөптөөх докумуоннары ирдииллэригэр сүбэлээтэ. Уонна ТХМ сиэмэ хортуоппуйун хойутааһына суох кэлиитин хааччыйыахтаах.

Табаар дэписсиитэ буолуо дуо?

— Дэписсиит суох, дойдубут сөптөөх табаарынан хааччыллар. Арай, бэлиэтээн эттэххэ, кыратык уолуйуу бэлиэтэнэр. Дьон араас сымыйа сурахтарга итэҕэйэриттэн сылтаан. Дойдуга саахар, гречка куруппата, фасоль курдук бородуукталарга сыана түһүүтэ саҕаламмыта бэлиэтэннэ. Саха сиригэр, чуолаан, Аллараа Бэстээх туһаайыытынан астаах-үөллээх богуонар айаннаан иһэллэр. Чугастааҕы хас да ыйга тиийэр ас-үөл саппааһа баар, — диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: ютубтан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0