Айсен Николаев: халаан уутун сэрэтии эрдэттэн барыахтаах

Бөлөххө киир:

Быйыл өрүстэргэ муус бытааннык устар. Өлүөнэҕэ дьоҕус өрүстэр, үрэхтэр сүүрдүүлэрэ бытаан буолан, улахан эбэбитигэр муус харыыта үөскүөн сөп. Бу туһунан бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев быһа сибээһин кэмигэр эттэ.

– Бастатан туран, халаан уутун кэмигэр нэһилиэнньэҕэ, экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттал суох буолуутун хааччыйыы барыахтаах. Билигин үрэхтэр хааларыттан тахсан, Горнай Бэс Күөлүгэр, Кэбээйи Чагдатыгар кутталы үөскэтэ сырыттылар. Оттон Өлүөнэ өрүһү ыллахха, муус бытааннык устан иһэр. Муус үөһээҥҥи кэрдииһэ Өлүөхүмэ Хоротугар кэлэн турар. Өрүскэ уу аҕыйах буолан, манна муус харыыта тахсыан сөп. Ол иһин манна анал бөлөх баран үлэлии сылдьар. Ону таһынан бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников балаһыанньаны билсэ миэстэтигэр баран үлэлиэҕэ, – диэн иһитиннэрдэ Айсен Николаев.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0