Айсен Николаев Егор Борисовтыын көрүстэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 17 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев уонна Федеральнай Мунньах Федеральнай Сэбиэтин аграрнай бэлиитикэҕэ итиэннэ айылҕаны туһаныыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Егор Борисов эрэгийиэн өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарын тула кэпсэттилэр.

 

Егор Борисов Федерация Сэбиэтигэр ыытыллар үлэ туһунан кэпсээтэ. АПК бөдөҥ хаһаайыстыбаларын өйөбүлүн ырычааҕа оннун булан, көдьүүстээхтик үлэлиир, онон билигин дьоҕус хаһаайыстыбаларга, фермердэргэ уонна тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэригэр болҕомто ууруллуохтаах. Егор Афанасьевич салайар оробуочай хамыыһыйата бу хайысханан тустаах сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэргэ үлэлэһэ сылдьар эбит.

Ойуур баһаардарын туһунан кэпсэтиигэ Егор Борисов быйылгы уот туруута ааспыт сыллардааҕар быдан баһархайын бэлиэтээтэ. Ол биир сүрүн биричиинэтинэн килиимэт уларыйыыта, кураан буолар диэтэ, өрөспүүбүлүкэ салалтата айылҕа алдьархайын утары тэрийбит үлэтин сөптөөҕүнэн аахта. Бу боппуруостары быһаарыыга федеральнай бырабыыталыстыба уонна Бэрэсидьиэн Владимир Путин болҕомтолоро кэмигэр тардыллыбытын үрдүктүк сыаналаата. Кураанынан сибээстээн, кыстыыр оту хааччыныыга, чуолаан оту тиэйэн аҕалыыга санааларын эттэ. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ»? edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0