Айсен Николаев Дьокуускай аэропуордун саҥардыы болдьоҕо уһууругар тиэрдэр харгыстары туоратарга соруйда
Айсен Николаев Саха сиригэр аэропуортар комплекстарын саҥардыыга сүбэ мунньаҕы ыытта. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Дьокуускайга уонна Нерюнгригэ аэропуортары саҥардыы хайдах ыытылларын бэрэбиэркэлээтэ.
Нерюнгри аэропуордугар бу үлэни ыытыыны 2022 сыл алтынньы ыйга бүтэриэхтэрэ диэн баһылыкка иһитиннэрдилэр. Бу кэм устата бэдэрээтчит көтөр-түһэр балаһаны саҥардыаҕа уонна чааска 300 пассажиры аһарар кыахтаах 9 тыһ. кв.м иэннээх үлэһиттэргэ-пассажирдарга аналлаах дьиэни тутуоҕа. Билигин бу эбийиэк 30 бырыһыана бэлэм.
Бастаан Нерюнгри аэропуордун комплексын саҥардыы 2021 сыл атырдьах ыйыттан 2022 сыл ахсынньы ыйыгар диэри I-II кылаастаах көтөр ааллары түһэриини хааччахтыа диэн буолбута, онтон болдьоҕун 4 ыйга диэри аччаппыттара. Тустаах балаһаҕа үлэни от ыйын 1 күнүттэн саҕалыахтара. Бу кэмҥэ пассажирдар Арассыыйа киин куораттарыгар Дьокуускай эбэтэр Благовещенскай нөҥүө көтүөхтэрэ. Онтон 2021 сыл сэтинньи 1 күнүттэн аэропуорт 1-тан 3-кэ диэри кылаастаах салгын суудуналарын олордуоҕа.
Миниистирдэр кэбиниэттэрин уонна сакаасчыт “Хоту дойду аэропуортара” ФКП санааларын истэн баран, Айсен Николаев Нерюнгри аэропуордун саҥардыы үлэтэ болдьоҕор түмүктэниэ диэн эрэлин биллэрдэ. Кини санаатынан, Дьокуускай аэропуордугар уһуур куттал баар, тоҕо диэтэххэ, бырайыагын-сметатын докумуонугар тахсыбыт алҕастартан сылтаан саҥардыыны ыытыы 2021 сылга көспүтэ. Онон бу пуорду реконструкциялааһын урукку өттүгэр саппаас аэродром буолар Нерюнгри аэропуордун кытта сөп түбэһэн хаалла.
2021 сыл ыам ыйын 16 күнүттэн алтынньы 1 күнүгэр диэри Дьокуускай аэропуордугар көтүү 1 628 м усталаах көтөр-түһэр балаһа учаастагар ыытыллыаҕа. Маннык усулуобуйаҕа 3-4 кылаастаах уонна модифицированнай Boeing-737-700 курдук салгын суудуналара эрэ көтөр кыахтаахтар. Москваҕа диэри быһа рейстэри “Якутия” авиахампаанньа Барнаул куоракка уонна “Алросанан” – Мииринэйгэ тэхиньиичэскэй тохтобуллаах толоруллуоҕа. Балаҕан ыйыгар манна холбуур пандуһу туруоруохтара, онон алтынньы ыйтан аэропуорт саҥардыы үлэтин кэмигэр быыстала суох үлэлиэҕэ.
Айсен Николаев мунньах кыттыылаахтарыгар муус устар 30 күнүгэр былааннаммыт “Арассыыйа Главгосэспертизата” ФАУ-тан бырайыагын-сметатын докумуонугар түмүк ылан баран, бары тахсыан сөптөөх харгыстары сөпкө ырыҥалыырга соруйда. Тутар-таҥар үлэ болдьоҕор тахсар кыра да хойутааһыннар кыһыҥҥы кэмҥэ көтүүгэ дьайыахтарын сөбүн санатта.
“Бу боппуруостары быһаарыыга толору эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаргытыгар көрдөһөбүн. Эһиги атырдьах ыйын 1 күнүгэр диэри балаһаҕа үлэни бүтэриэхтээххит уонна балаҕан ыйын 1 күнүгэр пандуһу туруорууга үлэни саҕалыахтааххыт, ол кэнниттэн сертификацияны ааһан, кыһыҥҥы көтүүлэри хааччыйар уонна кэлэр 2022 сайыҥҥы көтүүлэргэ бэлэм буолар курдук”, — диэтэ Ил Дархан.
Бүгүҥҥү туругунан Саха сиригэр Өлүөхүмэ, Нерюнгри, Эдьигээн, Ньурба, Мииринэй уонна Дьокуускай аэропуортарын саҥардыы салҕанар. Былырыын Үөһээ Бүлүү аэропуорда түмүктэммитэ.
2024 сылга диэри уопсайа 16 аэропуорт комплекса саҥардыллыахтаах. Бу сыалга федеральнай бүддьүөккэ 38,6 млрд солк. көрүллүбүтэ.
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова
Хаартыска: тустаах саайтан. Андрей Сорокин түһэриитэ