Айсен Николаев: “Доҕоттор! Ис сүрэхпиттэн барыгытыгар махтанабын…»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Доҕоттор! Бэҕэһээ быыбардыыр учаастактарга кэлэн миигин уонна мин хамаандабын өйөөбүт, атын хандьыдааттарга уонна бэлитиичэскэй  күүстэргэ куоластарын биэрбит дьоҥҥо ис сүрэхпиттэн махтанабын. Төһө да үгүс оройуоннарга хаар уонна ардах түспүтүн үрдүнэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн быыбарга кэлии 50 тахса быр. тэҥнэстэ. Бу демократия үйэлээх үгэстэрэ күүстээх Саха сирин олохтоохторун гражданскай көхтөөх буолууларын кэрэһилиир. Мин норуот талыытын ытыктыыбын уонна Саха сирин олохтоохторугар үрдүк итэҕэлгит иһин махтанабын. Бу итэҕэли толорор туһугар миигиттэн тутулуктааҕы барытын оҥоруоҕум уонна инникитин мэлдьи норуот өйөбүлүгэр тирэҕириэҕим. Өрөспүүбүлүкэбит туһугар түмсэн, биһиги таптыыр Сахабыт сирин күүстээх, байылыат уонна чэчирии сайдар, киһи олоруон уонна оҕолору улаатыннарыан баҕарар, дьон байылыаттык уонна дьоллоохтук олорор улуу Арассыыйа бастыҥ регионунан оҥоруохпут.

Кэнники ыйдарга мин өрөспүүбүлүкэ үгүс оройуоннарыгар сырыттым, куораттар уонна тыа сирин тыһыынчанан олохтоохторун кытта көрүстүм уонна туруоруммут сыалбытын-сорукпутун толоруохпут диэн эрэнэбин, тоҕо диэтэххэ, сүҥкэн айылҕа баайдаах Саха сирин сүрүн баайынан дьон буолар. Инникигэ эрэллээх, ситиһии туһугар үлэлииргэ бэлэм уонна үлэлиири сатыыр дьон.

Буолан ааспыт быыбардар бэйэлэрин суолталарынан уонна киэҥ хабааннаахтарынан уратылаахтар: өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана, өрөспүүбүлүкэтээҕи парламент саҥа састааба, киин куорат мээрэ уонна Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттара, 15 оройуон уонна 20 нэһилиэк баһылыга, оройуоннааҕы сэбиэт 22 уонна 7 нэһилиэк бэрэстэбиитэллээх уорганын дьокутаата талылыннылар. Бары бииргэ Саха сирэ чэчирии сайдарын туһугар, хас биирдии Саха сирин олохтооҕо байылыаттык уонна дьоллоохтук олорорун туһугар үлэлиэхтээхпит.

Бу соруктары быһаарыы сомоҕолоһуута, Саха сирин олохтоохторун барыларын түмүүтэ суох кыаллыбат. Өйөбүлгүт иһин махтанабын! Саха сирэ, иннин диэки!

Айсен Николаев, Ил Дархан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0