Айсен Николаев быһа биэриигэ кытынна

Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн сарсыарда “Россия-1” ханаалга уонна “Россия” радиотыгар быһа сибээскэ тахсан, Саха сирин олохтоохторун ыйытыыларыгар хоруйдаата. Биэрии кэмигэр хоту сир кыһалҕатын, каадыр боппуруостарын, айылҕаны харыстааһын, Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста, браконьерство тустарынан, о.д.а. ыйыттылар.


Айсен Николаев бу ыйга бырабыыталыстыба састаабыгар үгүс уларытыыны киллэрдэ. Каадыр боппуруоһун туһунан ыйытыыга: “Киһи үлэтинэн сыаналаныахтаах. Тус бэйэм каадыры аттаран туруорууга, бастатан туран, киһи идэтин төһө баһылаабытын, үлэлиир хайысхатын төһө билэрин, ону сэргэ киһи быһыытынан чиэһинэйин, үлэҕэ бэриниилээҕин, бэрээдэктээҕин көрөбүн. Бырабыыталыстыба бу састаабыгар бары идэлэрин толору баһылаабыт дьон киирдилэр. Сорохторо Россия таһымыгар үлэлии-хамсыы сылдьыбыт биллэр дьоннор. Мин санаабар, билигин өрөспүүбүлүкэ сайдыытын түргэтэтэр, бэйэлэрин хайысхаларыгар уларытыыны киллэрэ охсор дьон наадалар. Онтон атын сыалбыт-сорукпут суох, биһиги билигин баар кыһалҕаларбытын түргэнник быһаарыахпытын наада”, — диэн бэлиэтиир.
Уһук Илин эрэгийиэннэри сайыннарыыга улахан бырагыраама оҥоһулла сылдьар. Бу бырагыраамаҕа Саха сирэ биир тутаах миэстэни ылыахтаах. Онуоха бу сыл бүтэһигэр диэри өрөспүүбүлүкэ бэйэтин этиитин киллэриэхтээх. Бу туһунан ыйытыыга Айсен Николаев: “Бырагыраама аҥаардас биир бөлөх дьоннорунан эрэ оҥоһуллуо суохтаах. Манна бүтүн нэһилиэнньэ кыттыһыахтаах. Төһөнөн элбэх киһи бырагыраамаҕа санаатын этэр, этиитин киллэрэр да, оччонон олоххо чугас буолуоҕа. Бу бырагыраама нөҥүө Уһук Илин эрэгийиэннэргэ кэлэр күүс олохтоох дьоҥҥо көмө-тирэх буолуохтаах. Ол туһугар үлэлиэхтээхпит”, — диэн иһитиннэрэр.
Биэрии кэмигэр Саха сирин олохтоохторо социальнай эйгэҕэ үгүс ыйытыыны биэрдилэр. Холобур, Мирнэй оройуонуттан эрийэн, бүтүн оройуон үрдүнэн МРТ суоҕун, оттон Серебряный Бор бөһүөлэк олохтоохторо хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагарааматынан тутуллуохтаах дьиэлэрэ билигин да үлэҕэ киирэ илигин эттилэр. Ону сэргэ, төлөпүөнүнэн эрийэн кэлбит дьон хоту улуустарга аччыгый авиация хайаатар да сайдыахтааҕын бэлиэтээтилэр.
Быһа биэрии кэмигэр Айсен Сергеевичтан айылҕаны харыстааһын, браконьерство, суол-иис, салгын тырааныспарын тарыыбын тустарынан ыйыттылар. Бу туһунан сиһилии “Саха сирэ” хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыҥ.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0