Айсен Николаев: “ Биһиги бэрээдэктээхпитин, түмсүүлээхпитин көрдөрүөхтээхпит!”
Бу туһунан бэҕэһээ киэһээ Ил Дархан Айсен Николаев хас эмэ тыһыынча Саха сирин олохтооҕо санааларын этэ мустубут сирдэригэр — “Триумф” спорткомплексыгар эттэ.
Дьокуускайга кулун тутар 17 күнэ үүнэр түүнүгэр тахсыбыт ыар буруйу оҥоруу элбэх дьону аймаата. Бу түбэлтэттэн сылтаан, “Триумф” спорт уораҕайа ыы быччары тыһыынчанан саха эр дьонунан туолбута. Кинилэр бэйэлэрин омуктарын дьылҕатыгар долгуйан, бэйэлэрин бырааптарын көмүскүү, туруорса мустубуттара өйдөнөр.
Тыһыынчанан дьоҥҥо Ил Дархан бэйэтинэн кэлэн, буруйдаах киһи тутуллан хаайыллыбытын туһунан иһитиннэрбитэ. “Буруйу оҥорбут дьон тутулуннулар. Мин суут сөптөөх быһаарыныыны ылыныа дии саныыбын. Бу дьыаланы тиһэҕэр тириэрдиэхпит. Дойдуларыгар утаарыллыбакка, кинилэр Арассыыйа Федерациятын сокуонунан эппиэттиэхтэрэ”,— диэбитэ.
Саха сирин баһылыга, атын дойду гражданнара сокуону кэстэхтэринэ, омугуттан уонна гражданствотыттан тутулуга суох, хас биирдиилэрэ маннык эппиэттиэхтэрэ диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Маныаха кини Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин ис дьыалаҕа миниистирин солбуйааччы Саха сиригэр олорор биир дойдулаахтарын хонтуруолга ылар соруктаах кэлэрин иһитиннэрдэ.
Айсен Николаев этэринэн, көҥүлэ суох миграция тэнийэрэ мээнэҕэ буолбатах: маныаха туһааннаах өҥөлөрүнэн туһанар уопсастыба бэйэтэ кыттыгастаах, үлэҕэ көҥүлэ суох дьону ылан, гражданскай эппиэтинэһин сүтэрэр, сокуоҥҥа уонна уопсастыбаҕа кыһаммакка, бэйэтин барыһын эрэ көрүнэр. Бу быраабы араҥаччылыыр уорганнар үлэлэрин уустугурдар уонна быраап эйгэтигэр сигэнэр кыаҕы биэрбэккэ, буруйтан куоттарар.
“Биһиги кинилэр Арассыыйа Федерациятын сиригэр-уотугар регистрацияланалларын, нолуогу төлүүллэрин дуу, суоҕун дуу интэриэһиргээбэппит. Сорох тэрилтэлэр салайааччылара чэпчэки үлэһит илиини эккирэтэн, кэлии дьону үлэлэтэллэр. Биһиги сокуоннайа суох миграцияны утары миэрэлэри уонна ити сүрүн источнигын – сокуоннайа суох эргиэни-атыыны утары үлэни күүһүрдүөхпүт. Көҥүлэ суох миграннары булан, кинилэри дойдуларыгар утаарыахпыт”, — диэн тоһоҕолоон эттэ Ил Дархан.
Маны сэргэ, Айсен Николаев омугунан атааннаһар араас провокацияларга уонна ыҥырыыларга киирэн биэрбэттэригэр ыҥырда. Бары үөскээбит боппуруостар быраапка уонна сокуоҥҥа олоҕуран быһаарыллыахтаахтар.
“Биир буруйу оҥоруу омуктар атааннаһар төрүөттэринэн буолара табыллыбат. Биһиги бары сомоҕолоһуохтаахпыт – Саха сирин салалтата уонна нэһилиэнньэ. Бу боппуруостар быһаарыллар кыахтаахтар. Мин бары мустубут дьону сокуону утары дьайыылары оҥорботторугар көрдөһөбүн. Саха сирин олохтоохторо бэрээдэктээхтэрин, түмсүүлээхтэрин уонна бэйэлэрин бырааптарын көмүскүүр баҕалаахтарын көрдөрүөхтээхтэр, онтон аһары барбакка”, — диэн түмүктээн Ил Дархан судаарыстыбаннай уонна муниципальнай былаастары, быраабы араҥаччылыыр уорганнары, уопсастыбаннай тэрилтэлэри уонна бэлитиичэскэй баартыйалары, көҥүллээх үлэлиир биисинэс бэрэстэбиитэллэрин, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун “хараҥа урбаанньыттары” — көҥүлэ суох предпринимательствоны утары охсуһууга түмсэллэригэр ыҥырда.
Айсен Николаев Саха сиригэр көҥүлэ суох миграцияны утары миэрэлэри күүһүрдүөхпүт диэтэ.
Көрсүһүү кэнниттэн санаалар
Биир үйэ анараа өттүгэр улуу убайбыт Өксөкүлээх Өлөксөй суруйбут “Ойуун түүлэ” айымньытын санаан кэллим. 1910 сыллаахха кини бүгүҥҥү туругу өтө көрбүт:
Бу долгун ортотуттан ыла
Кэлин тиһэҕин диэки
Дохсун үгүс дьон
Үөскээбит үтүө дойдуларыттан
үтүрүллэн,
Иитиллибит ийэ сирдэриттэн
тэлэһийэн,
Айыллыбыт аҕа дайдыларыттан
арахсан,
Салаҥ элбэх
Сай-күдүө дьон
Саха диэки салаллан,
Дьокуускай диэки туһулаан
Биһиги диэки бэрэһилиэннээн
эрэллэр…
Айымньыга, саха норуота баар дуу, суох дуу буолуохтааҕын туһунан күчүмэҕэйтэн күчүмэҕэй ыйытыы көтөҕүллүбүтэ.
“Хатан тимир халтарыйар хабараан санааны ылынарга” ыҥырара уонна “өбүгэлэрбит үйэлэриттэн ыла үтүрүллүбүппүт иннигэр, өлөн биэрбэт үөстээх үөдэттэр этибит” диэн сүргэлэрин көтөҕө, санааларын беҕөргөтө сатаабыта. Күчүмэҕэй күҥҥэ итинтэн атын тыллар баар да буолуохтарын сатаммат этэ.
Бэйэтин кэмигэр өссө биир улуу убайбыт Авксентий Мординов маннык суруйан турар:
«Алексей Кулаковскай хаалларбыт айымньыларын, үлэлэрин суолтата улам улаатан иһэр. Буолан баран, биһиги норуоппут дьылҕатыгар куттал үөскээтэҕинэ урут даҕаны, билигин даҕаны кини наада буолааччы…
“Сүүс сыл иһигэр өтөхтүүн сүтүөхпүт, уоттуун умуллуохпут, ааттыын арахсыахпыт…” — диэбитэ Өксөкүлээх уонна: “Мантан быыһаныахха айылаах туох сүбэ-соргу баар буоларый?” — диэн ыйыппыта уонна сүбэтин эппитэ.
Ол сүбэтигэр күүс-уох өттүнэн буолбакка, үөрэҕи-билиини баһылаан, улахан омуктары кытта тэҥҥэ кэпсэтэр дьон буолуохпут диэбитэ кини.
“Үгүс үтүөнү үөдүппүт, үс дойду өйүн үксэппит үөрэҕи”, “араас албастары” (техниканы), “дьикти дьибилгэти”(науканы) баһылыаҕыҥ, иҥэриниэҕиҥ диэн ыҥырбыта. Оччоҕо кэлии дьоҥҥо кэлтэччи атаҕастаппат, кинилэри кытта тэҥ дьон быһыытынан олоруохпут этэ диэн сүбэлээбитэ… Онон буоллаҕына, тэҥнээх дьон быһыытынан, кэлээччилэри кытта — атаҕастаппакка, баттаппакка — сиэр быһыытынан олорорго дьулуһуҥ диэн ыҥырбыта.
«Билиҥҥи саха ыччатын сорҕото төрөөбүт тылын букатын билбэт, дөксө үксэ кинини аанньа билбэт. Оттон хайа да норуот, тыллаах буолан норуот буолар, төрөөбүт тылын сүтэрдэҕинэ, бэйэтэ эмиэ сүтэр. Төрөөбүт тылын билбэт киһи, тылга култуурата суох буолан, атын норуот тылын эмиэ үчүгэйдик билбэт… Онон итинник сахаттан сайдыылаах соҕус киһи тахсыбат».
Бу маннык Авксентий Егорович 29 сыл анараа өттүгэр этэн турар. Оттон билигин хартыына, хомойуох иһин, улаханнык уларыйбата. Кистэл буолбатах, оннооҕор саха дьоно уутуйан олорор улуустарыгар оҕолор төрүт тылларын умнан эрэллэрэ киһини дьиксиннэрэр, харааһыннарар. Онон саха дьоно атын туора дьону көрбөккө, бастатан туран, бэйэбит иннибитин көрүнүөхтээхпит. Дьиэ кэргэммитигэр оҕолорбут, сиэннэрбит төрөөбүт тылларынан саҥаралларын, саха суруйааччыларын айымньыларын ааҕалларын, сахалыы хаһыаты сэргииллэрин ситиһиэхтээхпит. Оччоҕуна эрэ омук быһыытынан сүтэн-симэлийэн хаалыахпыт суоҕа, оччоҕуна эрэ Өксөкүлээх “Ойуун түүлүгэр” суруйбут тыллара:
«Сайсары сыһыытыгар
Самныбыт санаалаах,
Саах балаҕаннаах
Саха диэн омук
Саһан олоотто үһү.
Дьокуускай уобласка
Дьокуут диэн
Дьох омук
Дьон буолан иһэн
Дьоҕуланан хаалта үһү», олоххо киириэхтэрэ суоҕа…
Родион КРИВОГОРНИЦЫН, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru