Айсен Николаев: «Баһаары утары охсуһууга 3 тыһыынча кэриҥэ киһи үлэлиир»

Бөлөххө киир:
Ил Дархан Айсен Николаев ойуур баһаардарынан сибээстээн  олохтоохтортон элбэх этии, ыйытыы киирэрин туһунан инстаграмҥа тус страницатыгар суруйда.

— Саха сирэ барыта долгуйар. Күн бүгүн бу кыһалҕа саамай тыҥааһыннаах уонна быһаарыыны эрэйэр боппуруоһунан буолар. Билигин ойуур баһаардарын утары охсуһууга улахан үлэ ыытыллар. Уопсайа 3 тыһыынча кэриҥэ киһи уонна 300  техника, ол иһигэр ЫБММ, Оборона министиэристибэтин  авиацията үлэлиир. Кинилэр көмөлөрүнэн ааспыт сууккаҕа 18 баһаар умуруорулунна. Уопсайа сааскыттан саҕалаан 324 баһаар умуруорулунна уонна  338 баһаар бохсулунна, — диэн суруйда.

https://www.instagram.com/p/CROfuQUJdJr/

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0