Айсен Николаев «Биир ньыгыл Арассыыйа» генеральнай сэбиэтин мунньаҕар кытынна Ааптар: Анивера Акимова Бөлөххө киир: Telegram Whatsapp Генеральнай сэбиэт мунньаҕар коронавирус пандемиятын кэмигэр дьоҥҥо көмөлөһүү туһунан кэпсэттилэр. edersaas.ru Ол курдук, пандемия дойду олоҕор үгүс уларытыылары киллэрбитэ этилиннэ. Маны таһынан бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү, доруобуйа харыстабыла, болҕомто, ытыктабыл инники былааҥҥа тахсыбыттарын бэлиэтээтилэр. Ил Дархан Айсен Николаев волонтерскай хамсааһын коронавируһу утары охсуһууга улахан оруолу оонньообутун эттэ. Доброволецтар күн-түүн элбии тураллар. Медицинскэй үлэһиттэр, волонтердар, учууталлар билиҥҥи кэм дьоруойдарынан буоллулар диэн Генсэбиэккэ бэлиэтээн эттилэр. edersaas.ru Оцени: +1 0 +1 0 +1 0 +1 0 +1 0 +1 0 +1 0