Айсен Николаев Арыйаан Тютрины эҕэрдэлээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Норвегия Осло куоратыгар буола турар көҥүл тустууга аан дойду чөмпүйэнээтигэр Белоруссия хамаандатыттан кыттар биир дойдулаахпыт Арыйаан Тютрин 57 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа боруонса мэтээли ылары ситистэ. 

Ил Дархан Айсен Николаев Арыйаан Тютрины «Инстаграм» социальнай ситим нөҥүө эҕэрдэлээтэ:

— Арыйаан Тютрин аан дойду чөмпүйэнээтин боруонса призера буолбутун туһунан бэртээхэй сонуну иһиттим. Социальнай ситимнэр арахса сылдьыбыттарын бары билэргит буолуо. Тутанына эҕэрдэлиир кыаллыбатаҕа, онон билигин эҕэрдэлиибин.

Саха сирэ бу мэтээли алта сыл күүттэ.

Баһыыба, Арыйаан! Эҕэрдэлиибин, саҥа чыпчааллары, ситиһиилэри баҕарабын! Саха сирэ эйигинэн киэн туттар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0