Айсен Николаев Арассыыйа Уопсастыбаннай палаататыгар Сомоҕолоһуу сылын туһунан кэпсээтэ

Ааптар: 
11.12.2019
Бөлөххө киир:

Айсен Николаев Арассыыйа Уопсастыбаннай палаататын пленарнай мунньаҕар спикер быһыытынан кытынна. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ Сомоҕолоһуу сылын чэрчитинэн ыытыллыбыт үлэлэр тустарынан кэпсээтэ.

Москваҕа ахсынньы 9 күнүгэр ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ палаата экс-сэкирэтээрэ Валерий Фатеев Киһи быраабыгар бэрэсидьиэн сэбиэтигэр көспүтүнэн Уопсастыбаннай палаата саҥа сэкирэтээрин таллылар.
Айсен Николаев киирии тылыгар Арассыыйа Уопсастыбаннай палаататын сэкирэтээрин дуоһунаһыгар талыллыбыт Лидия Михееваны эҕэрдэлээтэ, оттон Валерий Фатеевка саҥа үлэтигэр ситиһиилэри баҕарда.
“Биһиги Уопсастыбаннай палаатаҕа өрүү болҕомтону уонна өйөбүлү ылабыт. Бу палаата норуот интэриэһин тиэрдээччинэн буолар, онон дойдубут туһугар ис сүрэхтэриттэн кыһанар Саха сирин дьонун туһунан кэпсиэхпин баҕарабын”, — диэтэ Ил Дархан.
Николаев этэринэн, гражданскай уопсастыба дьону түмэр, суолталаах соруктары быһаарыыга көҕүлүүр аналлаах. Ол иһин, 2019 сыл Саха сиригэр Сомоҕолоһуу сылынан биллэриллибитэ.
“Уопсастыбаҕа хардарыта өйдөһүүнү бөҕөргөтүү, төрөөбүт сэлиэнньэтин, куоратын, өрөспүүбүлүкэтин сайдыытыгар хас биирдии Саха сирин олохтооҕун тус кылаата, уопсастыбаннай олоххо бэйэтин кыттыыта улахан суолталааҕын билинии – бу Сомоҕолоһуу сылын сүрүн идиэйэлэрэ”, — диэн бэлиэтээтэ өрөспүүбүлүкэ салайааччыта.
Саха сирин Ил Дархана бу анал сыл чэрчитинэн ыытыллар бастыҥ уопуту кэпсээтэ. Бу 600 тыһыынча Саха сирин олохтооҕо кыттыбыт 130 тахса бырайыага. Сүрүннэр ортолоругар кини “Народный правотворец”, “Саха сирин киэн туттуута” норуот бириэмийэтин, “Төрөөбүт куораттарбыт уонна сэлиэнньэлэрбит” хайысханан нэһилиэнньэлээх пууннары тупсаҕай оҥорууну ааттаата.
Саха сирин Ил Дархана гражданскай уопсастыба сайдыытын былааннарын билиһиннэрдэ. Ол курдук, кини этэринэн, сотору кэминэн One click Yakutia цифровой платформа үлэлиэҕэ. Бу көмөтүнэн Саха сирин хас биирдии олохтооҕо араас таһымнаах былаас уорганнарыгар быһаччы тахсан, бэйэлэрин көҕүлээһиннэрин тиэрдэр, араас бырайыактарга, истиилэргэ кыттар кыахтаахтар.

«Биһиги — “Арассыыйа кэскиллэрэбит” оҕолор төрөөбүт дойдуларыгар ытыктабыллаах сыһыаннаһыыларыгар иитэр бырайыакка үгүс үлэ күүтэр. “Арассыыйа Федерациятын устуоруйаҕа үгэстэрин, норуоттар духуобунай уонна сиэр-майгы өттүнэн сыаннастарын салгыы сайыннарыы, дьиэ кэргэн уонна уопсастыба оруолун бөҕөргөтүү, төрүт үгэһи уонна цифровой эйгэни дьүөрэлээһин – бу киһини уонна гражданины иитэн таһаарыы саҥа ирдэбиллэрэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэ бары оскуолаларыгар Арассыыйа Федерациятын гииминин толорууну саҕалаатыбыт. Улуу Ийэ дойдубут судаарыстыбаннай ытык бэлиэлэригэр ытыктабыл – бу эдэр киһи олоҕу көрүүтэ түстэнэригэр бастакы уонна тутаах хардыы”, — диэн түмүктээтэ кини.
Уопсастыбаннай палаатаҕа бу бырайыактары үрдүктүк сыаналаатылар уонна атын эрэгиийэннэр Уопсастыбананй палааталара Саха сирин уопутун үлэлэригэр туһаналларыгар сүбэлээтилэр. Чуолаан, ОДьКХ, тутууга уонна суолларга хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ, Арассыыйа полярнай эргимтэтин уонна Уһук хоту дойду куораттарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Игорь Шпектор Саха сирэ дьон гражданскай көҕүлээһинин сайыннарыыга атын эрэгийиэннэр ортолоругар инники күөҥҥэ сылдьарын бэлиэтээтэ.
“Уопсастыбаннай палаата пленарнай мунньаҕар аан бастаан губернатор кытынна. Өрөспүүбүлүкэ ааспыт сылларга уонна бу сылга ыыппыт үлэтэ кэрэхсэнэр. Палаата уонна Саха сирин сыһыаннаһыылара салгыы сайдыаҕа диэн эрэнэбин”, — диэтэ Игорь Шпектор.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0