Айсен Николаев: “Арассыыйа Саха сирин үтүө холобурун ылынар”
Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэбит төрүттэммитэ 100 сылын көрсө ыыппыт быһа эпиирин кэмигэр нэһилиэнньэттэн барыта 700-тэн тахса ыйытыы киирдэ. Дьон-сэргэ социальнай эйгэҕэ туох чэпчэтии көрүллэрин, тыа сирин гаастааһыҥҥа, тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар, доруобуйа харыстабылыгар, аан дойду үрдүнэн буола турар балаһыанньа туһунан, о.д.а. ыйытыы биэрдилэр. Олортон сүрүннэрин ылан көрүөххэ.
Украина туһунан
Саха сирэ уонна Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэ бу ыйга коммюнике, ол эбэтэр доҕордуу сыһыаны олохтуур туһунан анал докумуоҥҥа, илии баттаспыта. Бу докумуон инникитин икки өрөспүүбүлүкэ бииргэ үлэлэһиитигэр, дуогабар баттаһыытыгар төрүөт буолуохтаах. Билигин анал байыаннай операция буола турар сириттэн, Донбаастан, сүүстэн тахса киһи Нерюнгригэ уонна Дьокуускайга аймахтарыгар, доҕотторугар кэлэн олороллор. Итини таһынан, Саха сириттэн Донецкайга гуманитарнай көмө барбыта.
Ил Дархан Саха сирэ Украинаны кытары уруккуттан доҕордуу сыһыаннааҕын бэлиэтээн туран: “Билигин аан дойду бүтүннүүтэ барыта сайда турар кэмигэр биир эрэ дойду (АХШ) баһылыыр-көһүлүүр оруолу ылыа суохтаах. Украинаҕа буолбут балаһыанньа хара маҥнайгыттан түктэри кэмэлдьилээх дьон сыһыаныттан тахсыбыта. Мин итинтэн атыннык ааттаабаппын. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр дойдуларын туһугар үлүгэрдээх элбэх киһи охсуспутун, тыыннарын толук уурбуттарын арҕааҥҥы дойдулар номнуо умнан олороллор. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин анал операцияны кэмигэр уонна сөптөөхтүк ыытта. Арҕааҥҥы дойдулар итинэн эрэ тохтообокко биһиги дойдубутугар араас хааччахтары киллэрдилэр. Ол эрээри биһиги итинтэн чугуйан туруохпут суоҕа, норуоппут итиннэ эмиэ кыайыылаах тахсыаҕа”, – диэн эттэ.
Манна сыһыаран, аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар саллааттар Украинаҕа анал байыаннай операцияҕа кыттыа суохтаахтарын туһунан: “Срочнай сулууспаҕа сылдьар саллааттар анал байыаннай операция буола турар сиригэр барбаттар. Бу туһунан РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин да этэн турар. Аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар уолаттарбыт Украинаҕа анал байыаннай операцияҕа суохтар”, – диэн иһитиннэрдэ.
Уол оҕону иитиигэ Айсен Николаев болҕомтотун хатаан, оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх, эппиэтинэстээх буола улаатыахтааҕын, манна оскуола, оҕо саада ылар оруола улаханын эттэ.
– Оҕо иитиитин оскуолаҕа, оҕо саадыгар көрүнньүк эрэ курдук ыытымыаҕыҥ. Төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх, эппиэтинэһи сүгэр эдэр киһини иитэн таһаарыы – бу дьиэ кэргэнтэн, оскуолаттан, уопсастыбаттан саҕыллан тахсар. Манна бары эппиэтинэстээхпит. Дойдуга тапталы иҥэрии сүрдээх кыраттан ситимнэнэн, ийэттэн, аҕаттан, төрөөбүт алаастан тахсар, – диэн бэлиэтиир Айсен Сергеевич.
Манна эбэн эттэххэ, 2019 сыллаахтан өрөспүүбүлүкэ бары оскуолаларыгар Саха сирин, Арассыыйа өрөгөйүн ырыалара ылланаллар. Бу үтүө үгэһи Арассыыйа бары эрэгийиэннэрэ сүһэн ыланнар, аны балаҕан ыйыттан дойду оскуолаларыгар барытыгар тарҕаныаҕа.
Төрөөбүт төрүт тылы үөрэтии
Дойдуга тапталы иҥэрии төрөөбүт төрүт тылы, үгэһи, култуураны кытары ыкса ситимнээх. Бу соторутааҕыта үөрэх бырагырааматыгар федеральнай уларыйыылар киирэннэр, оскуолаҕа төрөөбүт тылы, култуураны үөрэтии чааһа кыччыыр кутталламмыта. Манна ордук национальнай өрөспүүбүлүкэлэр “бабат” диэбиттэрэ.
Бу туһунан ыйытыыга хоруйдаан Ил Дархан: “Бу боппуруос ордук өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар сытыытык турар этэ. Баһылыгынан үлэлии олорбут буоламмын, боппуруоһу иһиттэн билэбин. Куораппытыгар саҥа оскуолалар аһылланнар, сахалыы кылаастар элбээннэр оҕолорун төрөөбүт тылларынан үөрэтиэхтэрин баҕалаах төрөппүттэр үгүстэр. Билиҥҥи уларыйыыларынан, саха тылын оскуолаҕа 12 чаас эрэ үөрэтэллэрэ, мин санаабар, тутах. Ол иһин манна Ил Түмэн, Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттара кыттыһан, Арассыыйа Үөрэҕин министиэристибэтигэр мунньахтар ыытылланнар, алын кылаастарга төрөөбүт тылы 20 чаас үөрэтиэхтэрэ. Бу быһаарыныы үтүө түмүктэрдээх буолуоҕа диэн эрэнэбин”, – диэн иһитиннэрдэ.
Ил Дархан бу боппуруоска эбэн, Ил Түмэҥҥэ киирэр сокуоннар барылларын сахалыы, нууччалыы икки судаарыстыбаннай тылынан оҥорон киллэрэргэ эттэ. Онон кэнэҕэскитин сокуоннар икки тылынан ылыныллыахтара.
Хаарбах дьиэ
Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматынан билигин 2017 сылга диэри бу испииһэккэ киирбит дьиэлэри саҥардыы бара турар. Үгүстэр билигин аан дойдуга буола турар балаһыанньанан, бырагыраама тохтоон хаалыаҕа диэн куттаналлар.
– Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагыраамата тохтообот. Бу бырагырааманан тутуллар эбийиэктэри барыларын бэйэм хонтуруолбар илдьэ сылдьабын. Санатан эттэххэ, билигин бу бырагырааманан дьоннор саҥа кыбартыыраны эбэтэр уу харчынан ылыахтарын сөп. Быйыл федеральнай бүддьүөттэн эбии 25 млрд солкуобай кэлиэҕэ. Бу эбии үбүлээһин бырагырааманан дьоннор түргэнник дьиэлэрин ылалларыгар көмөлөөх буолуоҕа. Ол курдук 2024-2025 сылларга былааҥҥа турар дьиэлэр, эһиил уонна 2024 сылга номнуо үлэҕэ киириэхтэрин сөп, – диэн иһитиннэрдэ Айсен Сергеевич.
Ыспыраапка быһыытынан эттэххэ, былырыын Саха сиригэр 12 тыһыынчаттан тахса киһи саҥа дьиэҕэ көспүтэ.
2025 сылга диэри өрөспүүбүлүкэҕэ 61 тыһыынча киһи саҥа дьиэлэниэхтээх.
Олохтоох оҥорон таһаарыы
Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйаларынан хааччыллыы туһунан ыйытыыга хоруйдаан, Ил Дархан үүккэ, оҕуруот аһыгар, о.д.а. бүддьүөттэн көрүллэр субсидия улааппытын иһитиннэрдэ. Кини бэлиэтииринэн, билигин ынах сүөһү төбөтүгэр 35 тыһыынча солкуобай көрүллэн турар. Ону таһынан бааһынай хаһаайыстыбалар үүттэрин 60 солкуобайга, чааһынай дьон 20 солкуобайга туттарар буолуохтара. Айсен Николаев былырыын кураан дьыл буолан, сүөһү аһылыгын ыаллыы сытар эрэгийиэннэртэн Амуртан, Забайкальеттан аҕалыы барбытын, манна 1 млрд солкуобай көрүллүбүтүн эбэн эттэ.
Ийэ сыла
Быйыл өрөспүүбүлүкэбит биир үйэлээх үбүлүөйүн көрсө Ийэ сыла биллэриллибитэ. Ил Дархан ийэлэргэ, оҕолорго туһааннаах көмөнү оҥорор туһунан Анал этиитигэр иһитиннэрэн турар. Биир оннук көмөнөн “100 сыл оҕолоро” диэн быйыл төрөөбүт оҕолорго бэриллэр хапытаал буолар.
– Бу сыл саҕаланыаҕыттан барыта үс тыһыынча кэриҥэ оҕо күн сирин көрдө. Кинилэр бары сүүс тыһыынчалаах анал хапытаалы ыллылар. Барыта этэҥҥэ буоллаҕына, Ийэ сылын түмүгүнэн биир мөлүйүөн ахсааҥҥа тиийиэхпит дии саныыбын. Манна даҕатан эттэххэ, биһиги эрэгийиэммит Уһук Илиҥҥэ оҕо төрөөһүнүнэн бастакы миэстэҕэ сылдьар, оттон Арассыыйаҕа сэттис миэстэҕэ иһэбит, – диэн этэр Айсен Сергеевич.
Доруобуйа харыстабылыгар сыһыаран, Ил Дархан исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ кэнэҕэскитин болҕомто ууруллуоҕун, эбийиэктэри тутуу былаан быһыытынан баран иһэрин эттэ. Санатан эттэххэ, билигин Бүлүүгэ, Чурапчыга, Уус Маайаҕа, Хонууга, Ытык Күөлгэ балыыһалар тутулла сылдьаллар.
Тыа сирин гаастааһын
Нэһилиэнньэлээх пууннары гаастааһын билигин салҕанан бара турар. Ил Дархан быһа эпииригэр бэлиэтээбитинэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уон улууска социальнай гаастааһын бырагырааматынан 2500 тахса ыал дьиэлэригэр гаас ситимин тартарыахтаахтар. Социальнай гаастааһын бырагырааматынан 2021 сыл күһүнүттэн барыта 2753 дуогабар түһэрсиллибит. Ордук Дьокуускай куоракка, Чурапчыга уонна Горнайга элбэх сайаапка киирбит. Итини таһынан Мэҥэ Хаҥалас Өлөчөйүгэр диэри гаас ситимэ 2024 сылга диэри киириэҕэ.
Чааһынай дьоҥҥо тэлгэһэлэригэр диэри гаас ситимэ босхо киириэхтээҕин туһунан РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сокуон таһааран турар. Онон билигин нэһилиэнньэлээх пууннарга гаас ситимэ тэлгэһэҕэ диэри босхо кэлэр, ону таһынан өрөспүүбүлүкэ анал чэпчэтиилэри көрөн кыра дохуоттаах ыаллар бүддьүөттэн субсидия ылан, «күөх төлөнү» киллэрэр систиэмэлэрэ оҥоһулунна.
Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ».