Айсен Николаев: «Арассыыйа авиа-бырамыысыланнаһа сайдыахтаах»
Ил Дархан Айсен Николаев Интерфакска интервьютугар сааҥсыйалартан сылтаан салгынынан айан суолун туһунан санаатын эттэ.
“Арассыыйа курдук киэҥ дойду бэйэтэ туспа авиационнай бырамыысыланнас буолуохтаах диэн бигэ санаалаахпын. Бэйэ көтөр аалларын атыылаһарга уруккаттан бэлэммит. Сөптөөх хайысханан баран иһэрбитин билиҥҥи балаһыанньа көрдөрдө”, — диэтэ Айсен Сергеевич.
Кини этэринэн, биһиэхэ баар суперджеттар Якутия авиахампаанньа Кытайга уонна Кореяҕа көтөрүгэр туһалыахтара. Хомойуох иһин, SSJ элбэхтик оҥорон испэттэр, оттон МС-21 саҥа тахсан эрэр. Аны Ан-24 курдук өрөспүүбүлүкэбит иһигэр көтөр сөмөлүөттэр суохтар.
Ол иһин, Айсен Николаев этэринэн, Арассыыйа авиа-бырамыысыланнаһа үгүөрү үп көрүллэн, көтөр ааллар эгэлгэ эрээттэрин оҥоруохтаахпыт.
Маҥнайгы суперджеттар алдьанар-кээһэнэр буолан, лизиннэрин төлөбүрүн эмиэ хос көрүөҕүҥ диэн этии киллэрдэ.
Олохтоох авиа-хампаанньалары өйүүргэ билиэккэ субсидия оҥоһулларын, итиэннэ иэстэрин төлөбүрүгэр көмө харчы көрүллэрин кэпсээтэ.
Дьоҕус авиацияҕа «Байкал» диэн сөмөлүөттэри кэтэһэбит диэн Ил Дархан тоһоҕолоото.
«Саха сирэ»