Айсен Николаев: «Амма ураты айылҕатын харыстыахтаахпыт»

29.07.2020
Бөлөххө киир:

Амма өрүс баһыгар промышленнай «масштабынан» маһы кэрдэллэр үһү диэн сурах тарҕанан, өрөспүүбүлүкэ үгүс олохтоохторун аймаабыта. Бүгүн «Саха» НКИХ ханаалыгар  Ил Дарханы  кытары кэпсэтиигэ, Айсен Сергеевич бу туһунан санаатын үллэһиннэ:

 

— Үлүгэрдээх элбэх маһы Аммаҕа кэрдэн эрэллэр үһү диэн араас сурах тарҕанар буолла. Оннук буолбатах. Аммаҕа ураты харыстанар зоналарга ким даҕаны маһы кэрдиэ суоҕа. Мин бу туһунан урут эмиэ этэн турабын. Улууска бу күһүн быыбар буолаары турар. Онон, арааһа, араас олоҕо суох сураҕы тарҕатан эрдэхтэрэ. Өссө экология боппуруоһунан оонньууллар. Амма ураты айылҕалаах. Ону биһиги харыстыахпытын наада. Маһы кэрдии туһунан этэр буоллахха, статистика боппуруоһугар тохтуом этэ. Урут, Сэбиэскэй кэм саҕана, Саха сирэ сыллата 5,5 мөл. куб м маһы соҕотуохпкалыыр этэ. Билигин оттук маһы да аахтахха, 1 мөл. куб м тиийбэт.  Олох намтаата. Аны билигин 100-тэн тахсалыы сыл үүммүт мастар эргэрэн, кууран-хатан, куруҥ буоллулар. Бу түмүгэр  баһаар тахсыыта элбээтэ. Онтон Иркутскайдааҕы хампаанньалар  тустарынан этэр буоллахха, биирэ Алдаҥҥа үлэлиэхтээх. Иккис хампаанньа биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр үлэлиир санаатын биллэрбэтэ.

 

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0