Алдан улууһугар оробуочай сырыытын кэмигэр Ил Дархан э.т. Айсен Николаев “Полюс Алдан” АУо руудаттан көмүһү сууйан араарар фабрикатыгар, «Селигдар» ПАО-ҕа, «Аллараа Якокитскай» ГРК фабрикатыгар уонна карьерыгар, «Саха сирин тимир суоллара» АУо локомотивнай депотыгар, Ленинскэй бөһүөлэккэ кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэригэр сырытта.
edersaas.ru
“Полюс Алдан” АУо Саха сиригэр биир кырдьаҕас көмүс хостуур тэрилтэ Алдаҥҥа бырамыысыланнас сайдыытыгар улахан суолталаах.
Акционернай уопсастыба өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа биир бастыҥ бөдөҥ тэрилтэлэр ахсааннарыгар сылдьар. Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүүлүкэҕэ көмүһү руданан хостооһун 37%-ын бу хампаанньа ылар. 2018 сылга “Полюс Алдан” көмүһү хостооһун көрдөрүүтүн 6 тн куоһарар былааннаах. Эһиил тэрилтэ 95 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэҕэ.
Тэрилтэ салайааччыта Алексей Носков Ил Дархан э.т. Айсен Николаевка салайар тэрилтэтин көмүһү руудаттан сууйан араарар фабрикатын көрдөрдө, кэскиллээх былааннарын билиһиннэрдэ.
Ил Дархан э.т. Айсен Николаевка уонна суруналыыстарга фабрикаҕа киириибитигэр үлэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйар таҥастары уонна наушниктаах кааскалары кэтэртилэр.
Алексей Носков фабрикатын туһунан хаама сылдьан микрофон нөҥүө наушнигынан кэпсиир. Инньэ гынан, туһугар бэйэтэ бэртээхэй интервью буолла.
Тэрилтэ салайааччыта фабрика сүүнэ улахан көмүс сууйар тэриллэри көрдөрө-көрдөрө: «Мин манна бастаан үлэҕэ кэлэрбэр бу тэриллэри көрө-көрө, «бурановскай эмээхситтэр» диэн күлэрим. Билигин маны барытын саҥардан, уларытан баран аны 20-чэлээх кыргыттарга тэҥниибин», — диэн кэпсиир Алексей Петрович.
Тэрилтэ салайааччыта 2015 сыллаахха үлэлии кэлиэҕиттэн, 6 млрд солк. Кураанахтааҕы көмүһү руудаттан сууйан араарар фабриканы саҥардыыга инвестициялаабыт. Ол түмүгэр сылга 3,8 мөл. тонна руудаттан 5 мөл. тн руудаҕа тиийэ переработкаланар. 2017 с. 5 тн руудаттан 345 кг көмүһү сууйбуттар. Онтон 208 кг — былааны таһынан.
Алексей Носков кэпсиирин быыһыгар Алдан оройуонун кэрэ айылҕатын ахтан ылар:
— Дьиктитэ баар, Алдаҥҥа сир анныгар эрэ буолбакка, тииккэ, окко-маска кытта көмүстээх…
Тэрилтэ фабрикатыгар үксэ дьахталлар үлэлииллэр эбит. Ол курдук, манна барыта аныгы технология буолан, этэргэ дылы, кунуопканы эрэ баттыыллар. Салайааччы Ил Дархан э.т. Айсен Николаевы биир оннук кабинекка киллэрэн, фабрикаҕа аныгы технологиянан үлэ хаамыытын билиһиннэрдэ.
Фабрика устун экскурсиябытын көмүс тутуллар хоһунан түмүктээтибит. Тэрилтэ салайааччыта 19 кг ыйааһыннаах көмүс кирпииччэни Айсен Николаевка туттаран көрдөрө туран, руудаттан сууйуллан кэлэр көмүс уһаарыллан баран, маннык атыыга барарын билиһиннэрдэ.
Кэрэхсэбиллээҕэ баар, тэрилтэ аайы сылдьан баран, ол түмүгүнэн Айсен Николаев суруналыыстарга тута пресс-тохтобул оҥорон, бэйэтин санаатын билиһиннэрэн иһэр. Оройуон көмүс хостуур тэрилтэлэригэр Айсен Николаев уонча сыллааҕыта сылдьыбыт эбит. Ол ону бэлиэтээн туран, санаатын бу курдук тиэртэ:
— Бу кэмтэн ыла сайдыы балысханнык барбыт. Ол курдук, «Полюс Алдан» тэрилтэ көмүс хостооһунун икки төгүл улаатыннарбыт. Тэрилтэ салалтатын кытта сылдьан үлэ хаамыытын сиһилии үөрэттим. Сайдыы олуга бигэтик ууруллубута харахха быраҕыллар.
«Полюс Алдан» АУо Олоҥхо ыһыаҕын генеральнай спонсорын быһыытынан өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах тэрээһин үрдүк таһымнаахтык барбытыгар улахан оруоллааҕын бэлиэтиир тоҕоостоох.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа ааптар түһэриилэрэ.