Айсен Николаев: Аллараа Бэстээх өрөспүүбүлүкэ тырааныспарын ситимин сүрүн тиһигинэн буолуоҕа

Бөлөххө киир:

«Аллараа Бэстээх аҥаардас Мэҥэ Хаҥалас киинин быһыытынан эрэ буолбакка, кэнэҕэһин өрөспүүбүлүкэбитигэр, Арассыыйа Уһук Илин субъектарыгар тырааныспар киинэ буолуохтаах», — диэн Ил Дархан э.т. Айсен Николаев бэлиэтиир бүгүн Мэҥэ Хаҥаласка сырыытын кэмигэр.

edersaas.ru

Айсен Николаев бүгүн Мэҥэ Хаҥаласка сылдьан улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар мунньах ыытта. Улуус баһылыга Николай Старостин Мэҥэ Хаҥалас 2030 с. диэри сайдар стратегиятын билиһиннэрдэ.
Ил Дархан эбээһинэһин толорооччу Стратегияны истэн баран, Аллараа Бэстээх сайдыытыгар этиилэри киллэрдэ. «Аҕыйах сылынан Аллараа Бэстээх биир сайдыылаах куораппыт буолуоҕа. Элбэх этээстээх дьиэлэр тутуллуохтара, инфраструктурата сайдыаҕа. Дьокуускайы кытары Өлүөнэ муостатынан холбоһуоҕа. Саха сиригэр таһаҕас үксэ Аллараа Бэстээххэ кэлэр буолуоҕа. Онон инникитин Аллараа Бэстээх тырааныспар сайдыытыгар Арассыыйа  биир киинэ буолуоҕа«, — диэн иһитиннэрэр кини.
Санатан эттэххэ, билигин Аллараа Бэстээххэ «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство» ААУо таһаҕас таһыытыгар өрүс кытылыгар улахан терминал тута сылдьар.

Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0