Айсен Николаев: «Саха сиригэр 111 киһи коронавирустаата»

20.04.2020
Бөлөххө киир:

Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн коронавирустаабыт киһи ахсаана 111-гэ тиийдэ, итинтэн 16 киһи үтүөрдэ.

Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев бүгүҥҥү брифинг кэмигэр биллэрдэ.

Өрөбүл күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн коронавирус дьаҥыгар хаптарбыт киһи ахсаана эбилиннэ. Балыыһаларга барыта 72 киһи эмтэнэр.  Итинтэн  Дьокуускай куоракка — 22,  Алдаҥҥа — 41. Ол да буоллар, Алдаҥҥа балаһыанньа тупсан иһэрэ көстөр. Бэҕэһээҥҥи күн туругунан, биир киһиэхэ коронавирус дьаҥа туруорулунна».

Ньургуйаана Иванова, “Саха сирэ”  хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0