Айсен Николаев: “Амма тыатын кэрдиинэн министиэристибэҕэ сорудах биэрдим”

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев быһа сибээһинэн тахсан, нэһилиэнньэ ыйытыытыгар хоруйдууругар, ыраас айылҕалаах Амма туһугар ыалдьар дьон элбэҕэ үөртэ.

edersaas.ru

Маныаха Ил Дархан: “Миэхэ дакылааттаабыттарынан, онно улахан кыһалҕа суох. Чопчу сиргэ (площадка) маһы кэрдии боппуруоһа баар. Биһиэхэ оннук түгэн элбэх. Быһаарсыахпыт. Нэһилиэнньэҕэ толору иһитиннэрэр туһугар, Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр боппуруоһу тиһэҕэр тиийэ быһаарсыҥ диэн сорудах биэрбитим. Хомойуох иһин, экология боппуруоһун, сорох дьон бэлитиичэскэй эбэтэр оннооҕор экэнэмиичэскэй сыалга туһаналлар. Өссө биирдэ этэбин, сокуону тутуһуохтаахпыт. Уонна биллэн турар, айылҕаҕа охсуута суох буоларын курдук дьаһаныахтаахпыт. Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ хайаан даҕаны быһаарсыаҕа”, — диэн эттэ.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0