Айсен Николаев Арктика зонатыгар өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бэлиитикэтин сүрүн хайысхаларын чопчулаата
Айсен Николаев 2020 сыл муус устар 8 күнүнээҕи 1103 №-дээх Ыйааҕынан 2024 сылга диэри кэмҥэ эрэгийиэн Арктикатааҕы зонатыгар өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бэлиитикэтин сүрүн хайысхаларын чопчулаата. Дьэ, ханнык хайысхалар эбитий?
Дьон олоҕун таһымын үрдэтии
Саха сирин Арктика зонатын социальнай сайдыыларын ситистэххэ нэһилиэнньэ олоҕун таһыма тупсуохтаах. Ол туһугар “Арктика учуутала” , “Эдэр табаһыт” бырагыраамалар үлэҕэ киирэллэр. 2030 сылга диэри Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын кэнсиэпсийэтэ оҥоһуллар.
Өрөспүүбүлүкэ Арктика оройуонугар таба иитиитигэр 4 сылтан кырата суох кэмҥэ үлэлээбит, 35 диэри саастаах дьоҥҥо олорор усулуобуйаларын тупсарыыга 1 мөлүйүөн солкуобай кээмэйдээх толуйар төлөбүр бэриллиэҕэ. Арктика бөһүөлэктэрин кэлимсэ реновациялааһыҥҥа пилотнай нэһилиэктэринэн Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун Өлөөн сэлиэнньэтин уонна Аллайыаха улууһун Чокуурдаах бөһүөлэгэ буолуохтара.
Инфраструктураны сайыннарыы уонна тупсаҕай эйгэни тэрийии
Өссө биир хайысхата – 2025 сылга Саха сирин Арктика түөлбэтигэр нэһилиэнньэ 10 бырыһыаныттан итэҕэһэ суоҕун саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү.
Ону сэргэ 2020-2024 сылларга Арктикаҕа кэтэх ыаллар дьиэлэрин кииннэммит ититэр ситимҥэ холбуохтара.
“Удачнай-Өлөөн” хайысхатынан сибээс волоконнай-оптическай линиятын тутуу күүтүллэр. Бу түөлбэлэргэ эргиэн-логистика кииннэрин оройуон кииннэригэр тэрийиэхтэрэ. Арктика оройуоннарыгар генерацияҕа пилотнай бырайыак олоххо киириэҕэ. Дьоҕус авиация, вездеход тырааныспара уонна хоту сылдьар кыахтаах анал тиэхиньикэ тиһигэ сайдыаҕа. “Куттала суох Арктика” бырайыак ыксаллаах балаһыанньа үөскүүрүттэн сэрэтиэҕэ.
Инвестиция кыаҕын олоххо киллэрии
Арктика түөлбэтигэр 5-тэн кырата суох федеральнай таһымнаах инвестиция бырайыагын олоххо киллэрии күүтүллэр. Маныаха геологическай-чинчийэр үлэлэр ыытыллыахтара. Федеральнай уонна эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы таһымҥа “Зеленай мыс” өрүс пуордун саҥардыы, “Зеленай мыс – Чукотка автономнай уокуругун силбэһэр сирэ” массыына суолун тутуу. Уонна Тиксии бөһүөлэгэ Хотугу муора флотугар уонна аан дойдутааҕы наука базатыгар тирэх буолуоҕа.
Олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы
Олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга 900-тэн итэҕэһэ суох саҥа үлэ миэстэтин тэрийиэхтэрэ уонна үлэтэ суохтар ахсааннара икки төгүл аччыаҕа. Маныаха олохтоох тыа хаһаайыстыбатын, бултааһыны сайыннарыы, дьиикэй отоннору хомуйуу, Арктика сэлиэнньэлэригэр сэлии муоһун хомуйууну тэрийии киириэхтэрэ.
Олохтоох тутуу матырыйаалын оҥорон таһаарыахтаахтар. Арктикаҕа туризм сайдыытыгар Булуҥ, Эдьигээн, Муома, Дьааҥы, Аллара Халыма оройуоннара тирэх буолуохтара. Оччоҕуна “Русская Арктика” инвестиционнай туристическай бырайыак сайдыаҕа.
Экологияҕа куттал суох буолуутун хааччыйыы
Сэттэ нэһилиэнньэлээх пууҥҥа хара уонна өҥнөөх металлар мустууларыттан босхолонуохтара. Арктика түөлбэтин туругун үөрэтиигэ үөрэх уонна наука тэрилтэлэрин кытыннарыахтара. Био-тэхиньиичэскэй тэрээһиннэр көмөлөрүнэн булт уонна уу баайын ахсаанын элбэтиэхтэрэ. Сэлии фаунатын хомуйууну сүрүннүөхтэрэ. Кулаардааҕы кыһыл көмүһү ылгыыр фабрика, Баатаҕайдааҕы уонна Депутатскайдааҕы хайа-байытар кэмбинээттэрин хвостохранилищеларын көмүөхтэрэ.
Аан дойдутааҕы бииргэ үлэлээһин
Саха сирэ Арктикаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһиҥҥэ Арассыыйа Федерациятыгар тумус тутуллар өрөспүүбүлүкэнэн буолуоҕа.
Онуоха өрөспүүбүлүкэ Арктика сэбиэтин уонна Хотугу Форум норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыактарыгар көхтөөхтүк кыттыаҕа. “Арктика оҕолоро” уонна “Хоту дойду уонна Арктика төрүт норуоттарын тылларын уонна култуураларын баайын цифровизациялааһын” бырайыактары аан дойду таһымыгар тэрийиэхтэрэ. Дьокуускайга 2023 сылга Арктика сэбиэтин чилиэннэрэ буолар судаарыстыбалар түмсэллэрэ күүтүллэр.
Айсен Николаев бу Ыйааҕынан эрэгийиэн Арктика түөлбэтигэр киирэр муниципальнай тэриллиилэргэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар болҕомтону ууралларыгар, былааннарын торумнуулларыгар сүбэлээтэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Женни СТРЮКОВА кылгатан бэлэмнээтэ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
СИА хаартыската.