«Тутуу боппуруоһа хайдах быһаарыллыаҕай уонна кимнээх үлэлиэхтэрэй?»
Бу ыйытыыга Ил Дархан быһа сибээс кэмигэр хоруйдаата.
edersaas.ru
“Бастатан туран, тутуу тохтуур кыаҕа суох, салҕанар. Иккиһинэн, биллэн турар, үлэһит илии тиийбэт буолуон сөп. Тас дойдуттан кэлэн үлэлээбит дьон оннугар устудьуоннар этэрээттэрэ тахсыахтарын сөп диэн көрөбүн. Уонна олохтоохтору тутууга сыһыаран саҕалыахпыт.
Онон орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр тутуу эйгэтигэр ордук ирдэнэр идэлэргэ кылгас кэмнээх куурустары ыыталларын курдук сорудахтаахтым. Бу олоххо киирэн, олохтоох дьон тутууга сыстарыгар эрэнэбин.
Иккиһинэн, суолу тутууга эмиэ үлэһиттэр наадалар. Бу салааҕа эмиэ кылгас куурустары ыыталларыгар этиллибитэ. Тутуу олоххо суолталаах, онон өйүөхтээхпит”, — диэн эттэ.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1