Айсен Николаев “Росгеология” баһылыга Сергей Горьковы кытта көрүстэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар геологическай-чинчийэр үлэлэри ыытыы сытыы боппуруостарын Саха сирин баһылыга Айсен Николаев уонна “Росгеология” АУо генеральнай дириэктэрэ–бырабылыанньа бэрэссэдээтэлэ Сергей Горьков дьүүллэстилэр.

edersaas.ru

Өрүттэр эрэгийиэн бырабыыталыстыбатын уонна “Росгеология” ааспыт сыл алтынньы ыйыгар Дьокуускайга буолбут мунньахха эрэгийиэн бырабыыталыстыбатын уонна “Росгеология” хардарыта бииргэ үлэлээһиннэрин түмүгүнэн боппуруостары дьүүллэстилэр.
Ол курдук, Айсен Николаев уонна Сергей Горьков федеральнай бүддьүөт суотугар геологическай-чинчийэр үлэлэри үбүлээһин кээмэйин улаатыннарар кыаҕы көрдүлэр. Кэнники сылларга эрэгийиэннээҕи, көрдүүр уонна сыаналыыр үлэлэргэ үбүлээһин кээмэйэ аччааһына өрөспүүбүлүкэ минеральнай-сырьевой базатын сайыннарыыга дьайар. Саха сирэ Арассыыйа Федерациятыгар эрэ буолбакка, аан дойдуга эмиэ туһалаах сирин баайа элбэх уонна саппааһын үрдүк таһымҥа тутар туһугар минеральнай ресурсаларын сыаналааһыны хаачыстыбалаахтык ыытыахтаах.
Бүгүн “Росгеология” өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 23 эбийиэккэ геологическай-чинчийэр үлэни ыытар, итинтэн 15 – кытаанах туһалаах баайга уонна 8 – ньиэпкэ уонна гааска. Маныаха тэрилтэ алмааһы, кыһыл көмүһү, үрүҥ көмүһү уонна да атын туһалаах баайдары чинчийиигэ үлэни кэҥэтэргэ интэриэстээх.
Маны сэргэ Айсен Николаев уонна Сергей Горьков сир баайын туһаныыга нормативнай-быраап аактатын тупсарыыга этиилэри дьүүллэстилэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0