Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ былаас ситэриилээх уорганнарын үлэлэрин түмүгүн туһунан отчуоту саҕалаата
Муус устар 25 күнүгэр Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) сэттис (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев 2018 сылга судаарыстыбананй былаас ситэриилээх уорганнарын үлэлэрин түмүгүн туһунан отчуоту саҕалаата.
Айсен Николаев дакылаатыгар Саха сиригэр киэҥ кыахтары арыйар экэниэмикэ көрдөрүүлэрин үүнүүтүгэр тохтоото. “Былырыын сүрүн макроэкэнэмиичэскэй көрдөрүүлэр үүнүүлэрин тэтимэ Арассыыйа орто көрдөрүүтүн куоһарбыта. Устуоруйаҕа аан бастаан баалабай регионнааҕы бородуукта 1 трлн солкуобайы куоһарда, кэнники алта сылга бырамыысыланнай оҥорон таһаарыы муҥутуур улаатыыта ситиһилиннэ”, — диэн өрөспүүбүлүкэ лидерэ бэлиэтээтэ.
Ньиэби (12,1 мөл туонна), таас чоҕу (17,5 мөл туонна) хостооһун көрдөрүүлэрэ саҥардылыннылар. Саха сирэ кыһыл көмүһү хостооһуҥҥа (29,5 мөл туонна) дойду үс лидер-регионун иһигэр киирдэ, үрүҥ көмүһү хостооһуҥҥа (102, 4 мөл туонна) рекорд ситиһилиннэ. Бөдөҥ бырамыысыланнай эбийиэктэр үлэҕэ киирдилэр.
Айсен Николаев Саха сирэ түргэн тэтимнээх сибээскэ уонна цифровизацияҕа Уһук Илиҥҥэ инники күөҥҥэ иһэрин бэлиэтээтэ. 2018 сылга уустук усулуобуйаҕа 2 тыһ. км оптоволокно ситимэ тутулунна, ити түмүгэр өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун 80% түргэн интэриниэтинэн туһанар кыахтаннылар. Саҥа дьылы көрсө киин куоракка бөдөҥ IT-Паарк үлэтин саҕалаата.
Уһук Илин федеральнай уокуругун регионнарын рейтинигэр өрөспүүбүлүкэ үгүс көрдөрүүлэргэ инники иһэр. “Биһиэхэ нэһилиэнньэ 1000 киһитигэр олорор дьиэни үлэҕэ киллэриигэ, уопсастыбаннай аһылык эргииригэр, 100 тыһ. нэһилиэнньэҕэ регистрацияламмыт буруйу оҥоруу аҕыйах ахсаанынан бастакы миэстэлээхпит”, — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Саха сирин Ил Дархана этэринэн, бу ситиһиилэр Уһук Илиҥҥэ урутаан сайдыыга өрөспүүбүлүкэни локомотив курдук көрдөрөллөр. Дойду иннигэр турар стратегическай соруктары толорууга регион эппиэтинэһэ эмиэ итинник үрдүк.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.