Айсен Николаев “Тымныы полюһа” бэстибээли арыйда

Бөлөххө киир:

Субуотаҕа, кулун тутар 30 күнүгэр, Өймөкөөн улууһун Томтор сэлиэнньэтигэр “Тымныы полюһа-2019” XIX бэстибээли үөрүүлээхтик арыйыы буолла. Тэрээһини Саха сирин баһылыга Айсен Николаев арыйда.

edersaas.ru

 

“Мин “Тымныы полюһа”  бэстибээл арыллыытыгар сылдьарбыттан үөрэбин. Биһиги кэнники кэмҥэ туризмы сайыннарыыга, бу салааҕа саҥа үлэ миэстэтин тэрийиигэ күүскэ үлэлиибит уонна,  биллэн турар, Тымныы полюһа Өймөкөөн – бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин эрэ буолбакка, бүттүүн улуу дойдубут – Арассыыйа киэн туттуута, — диэтэ Ил Дархан.

Өрөспүүбүлүкэ салайааччыта “Тымныы полюһа” чугастааҕы сыллар усталарыгар уонунан буолбакка, сүүһүнэн уонна тыһыынчанан турист кэлэр бөдөҥ өрөспүүбүлүкэтээҕи түгэнинэн буолуоҕа диэн эрэнэрин биллэрдэ. “Маныаха аан дойду саамай тымныы сиригэр олорор эрэ буолбакка, сайыннарар дьон биһиги сүрүн баайбыт буолар”, — диэтэ бэстибээли арыйарыгар Ил Дархан.

Тэрээһин  ыалдьыттарыгар уонна кыттыылаахтарыгар “Өймөкөөн номохторо” театрализованнай туруорууну көрдөрдүлэр. Тымныы бэлиэтин кэлэр кыһыҥҥа диэри Чысхааҥҥа туттардылар.

Бэстибээли үөрүүлээхтик арыйыыга бэйэлэрин массыыналарынан Дьокуускайтан 1000 тахса км айаннаан кэлбит “Тымныы полюһа-2019” ралли-рейд хоодуот дьоно кытыннылар.

Маны сэргэ, бэстибээл чэрчитинэн “Чысхаан мастарыскыайа” норуот талааннаахтарын дьаарбаҥката тэрилиннэ, Семен Сивцев “Өймөкөөн кэрэ көстүүлэрэ” хаартысканан быыстапкатын көрдөрдө.

Күн иккис аҥаарыгар Айсен Николаев Саха сиригэр туризмы сайыннарыыга анаммыт сүбэ мунньаҕы ыытта уонна Томторго тутуллар 220 миэстэлээх орто оскуола дьиэтигэр сырытта. Бүгүҥҥү туругунан, дьиэ үрдүн сабыыта бүппүт. Бу сыл бүтүөр диэри 462 мөл. солкуобайтан тахса суумалаах саҥа оскуола үлэҕэ киириэхтээх.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0