Айсен Николаев Уһук Илиҥҥэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар этиилэри киллэрдэ
Владивостокка Арассыыйа Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев кулун тутар 19 күнүгэр федеральнай уокурукка агропромышленнай комплекс бородууксуйатын оҥорон таһаарыы уонна таска таһаарыы былааннанар кээмэйигэр анаммыт сүбэ мунньаҕы ыытта.
Боломуочуйалаах бэрэстэбиитэл бэлиэтииринэн, бүгүн Уһук Илин сиригэр-уотугар тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр 520 млрд солкуобай инвестиционнай кээмэйдээх 40 инвестиционнай бырайыак олоххо киирэр. Регионнарга таска таһаарыыга улахан кыах баар, онуоха федеральнай уокурук таһыгар Азия-Чуумпу акыйаан регионун 4,5 млрд олохтооҕун ырыынага баара төһүү буолар.
Инвестбырайыактары олоххо киллэриигэ Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтэ өйүүр кэлимсэ миэрэлэри көрөр, ол иһигэр урутаан сайдыы сирин-уотун режимэ, нолуокка, таможняҕа чэпчэтиилэр, сири биэрии, инфраструктураны тэрийии. Ол эрээри тыа хаһаайыстыбатын бырайыактарын олоххо киллэриигэ кыһалҕалар элбэхтэр. Итилэр ортолоругар – эпизоотическай балаһыанньа бэрдэ суоҕа, сир туруга мөлтөҕө уонна сири ньүөлсүтүү ирдэнэр диэн Трутнев эбэн эттэ.
Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын уонна таска таһаарыы кээмэйин тупсарыыга регионнар салайааччылара тыл эттилэр. Чуолаан, Саха сирин баһылыга Айсен Николаев Уһук Илиҥҥэ АПК инвестбырайыактарын кирэдьиттээһини чэпчэтиилээх ставканан 12 сылга саҕалыырга уонна өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар мелиорацияҕа федеральнай тэрилтэни тэрийэргэ этии киллэрдэ. Саха сирэ, диэтэ кини, маннык тэрилтэ суох түөрт субъегын иһигэр киирэр.
Арассыыйа тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Дмитрий Патрушев Саха сирин Ил Дарханын этиитин өйөөтө уонна анал структураларга маны олоххо киллэрии ньыматын көрөллөрүгэр сорудахтаата.
Санатан эттэххэ, тыа хаһаайыстыбатын экспора – “Норуоттар икки ардыларынааҕы кэпэрээссийэ уонна экспорт” национальнай бырайыак сүрүн хайысхаларыттан биирдэстэрэ. Нацбырайыак биэс федеральнай бырайыактан турар уонна астыыр-таҥастыыр бырамыысыланнас бородууксуйатын таска таһаарыы кээмэйин ситиһиигэ туһуланар, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын уонна өҥөлөрүн ИБП 20 % диэри, ону тэҥэ 2024 сылга сырье буолбатах энергетическэйэ суох табаары таска таһаарыыны 250 млрд $ диэри улаатыннарыыны.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.