Айсен Николаев Бүлүүгэ сырытта

Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 6 күнүгэр Ил Дархан э.т. Айсен Николаев Бүлүү улууһугар үлэлээтэ. “ЯТЭК” хампаанньа эбийиэктэрэ, ууну ыраастыыр станция кыстыкка төһө бэлэмнэрин бэрэбиэркэлээтэ. Ону сэргэ Бүлүү куорат социальнай эбийиэктэрин көрдө.

Ол курдук, тутулла турар элбэх кыбартыыралаах дьиэни, 73 миэстэлээх балыыһаны, 200 оҕо сылдьар оҕо саадын көрдө. Улуус баһылыга Сергей Винокуров этэринэн, олорор дьиэ балаҕан ыйын бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх. Билигин уотун тарда уонна таһын оҥоро сылдьаллар. Оттон оҕо саада сэтинньигэ тутуллан бүтүөхтээх. Айсен Николаев эбийиэктэри болдьоҕор бүтэрэргэ, ситэрэргэ эттэ.
Кыһыл Сыырдааҕы ууну ыраастыыр станция 2011 с. тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Сууккаҕа 400 тыһ. куб м ууну хачайдыыр. Бөһүөлэк сылтан сыл кэҥээн иһэр буолан, билигин станция кыамтатын улаатыннарыы соруга турар. Үлэһиттэр этэллэринэн, былаан быһыытынан, станция үһүс утаҕа тардыллыахтаах.
Салгыы Айсен Сергеевич “ЯТЭК” хампаанньа Орто Бүлүүтээҕи гаас конденсааттаах сиргэ баар эбийиэктэрин кэрийэн көрдө. Кылаабынай инженер бэлиэтииринэн, эбийиэктэр кыстыкка бэлэмнэр, оборудованиелар бары үлэлии тураллар. Манна даҕатан эттэххэ, быйыл хампаанньа саҥа сепараторнай комплекс туппута.
Айсен Николаев иһитиннэрэринэн, Бүлүү улууһа кыстыкка бэлэм. “ЯТЭК” хампаанньа, төһө да үбүлээһинигэр кыһалҕаны көрүстэр, улууска баар хаһаайыстыбата барыта кэминэн үлэлии турар. Санатан эттэххэ, “ЯТЭК” өрөспүүбүлүкэни гааһынан хааччыйан олорор сүрүн тэрилтэбит.

Аграфена КУЗЬМИНА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0