Айсен Николаев: “Бырамыысыланнаска олохтоох дьон киирэрэ элбээн иһэрэ үөрдэр”

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ил Дархан быһа эпииригэр олохтоох каадырдары бырамыысыланнаска үлэҕэ ылыы туһунан ыйытыы киирдэ.

edersaas.ru

«Бу боппуруос үгүс дьону долгутар. «Олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска» бырагыраама куһаҕана суох көрдөрүүлээх. Быйыл «Газпрому» кытта бииргэ үлэлэһии дуогабарын түһэрсэн, Чайыҥдатааҕы сир баайын хостуур сиргэ дьону үлэҕэ ылыы элбээтэ. Манна үлэ миэстэтэ тахса турар. Онон үлэлиэн баҕалаахтар олохтоох бэйэни салайыныы уорганын үлэлээх буолуу киинигэр тиийэн сайаапка биэриэхтэрин сөп. Өскөтүн туох баар ирдэбилгэ сөп түбэһэр буоллахтарына, тэрилтэ ыҥыран, кэпсэтэн баран, үлэҕэ ылыан сөп. Инники өттүгэр олохтоох каадырдары бырамыысыланнаска быһалыы ыларга туспа офис арыйар баҕалаахпыт», — диэн Айсен Николаев эттэ.

Ирина Ханды, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0