Айсен Николаев: «Хампаанньа үлэтэ өссө көдьүүстээх буолуохтаах»

Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев Өрөспүүбүлүкэтээҕи инвестиционнай хампаанньа уонна “РИК плюс” тэрилтэ ааспыт сыллааҕы үлэлэрин иһиттэ.

edersaas.ru

Өрөспүүбүлүкэтээҕи инвестиционнай хампаанньа нөҥүө социальнай-экономическэй бырайыактар ыытыллаллар. Санатан эттэххэ, 2007 с. Судаарыстыба баайын-дуолун федеральнай агентствота (Россия аатыттан) уонна СӨ бырабыыталыстыбата (Саха сирин аатыттан) Мировой сөбүлэҥ түһэрсибиттэрэ. Ол сөбүлэҥинэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи инвестиционнай хампаанньа “Якутуголь” акциятын атыытыттан киирбит харчыны тимир суол тутуутугар, өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырайыактарыгар туһулуохтааҕа. Ол чэрчитинэн, атыыттан киирбит 37 млрд 430,6 мөл. солкуобай 11 хайысхаҕа тыырыллыбыта. Бу сөбүлэҥ 2016 сылынан түмүктэммитэ. Билигин бу сөбүлэҥ чэрчитинэн тутуллубут эбийиэктэри судаарыстыба суотугар көһөрө сылдьаллар. Хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Петр Алексеев бэлиэтииринэн, 325 эбийиэктэн 294 номнуо судаарыстыбаҕа бэриллибит.
“Бу өрөспүүбүлүкэҕэ улахан оруоллаах хампаанньа. Социальнай-экономическэй сайдыыбытыгар туһуламмыт эбийиэктэрбит бу манан үбүлэнэн тутуллаллар. Уопсай ылан эттэххэ, хампаанньа үчүгэй көрдөрүүлээх. Ол эрээри уопсастыбаннас хампаанньа үбү-харчыны туттуутугар, тыырыытыгар туспа боппуруостардаах”, — диэн иһитиннэрэр мунньахха Айсен Сергеевич. Итини этэн туран, кини 2019 сылга хампаанньа кыра тэрилтэлэрин үлэлэрин сайыннарарга, Сөбүлэҥи тиһэҕэр тириэрдэргэ эттэ. Уонна хампаанньа үлэтин сааһылыырга, өрөспүүбүлүкэ сайдыытын стратегиятыгар ылар оруолун көрөргө бэлиэтээтэ.
Оттон 2013 сыллаахха СӨ бэрэсидьиэнин  дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырайыактарын олоххо киллэрэр сыаллаах «РИК+» ААУо тэриллибитэ. Хампаанньа 100 % акциятын барытын Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бас билэр. Хампаанньа устааптаах хапытаалыгар «АЛРОСА»-ттан 17,6 млрд солк. киирбитэ. Билигин бу сууматтан 13,7 млрд солк. ороскуоттанна.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0