Айсен Аммосов: “Ыал буолар наһаа үчүгэй!”

24.05.2019
Бөлөххө киир:

Үрүлүйэр үрүҥ түүн. Туймаада туонатыгар ыһыллар ыһыах үгэнэ. Ыччат дьон мустан, ыллыыр-үҥкүүлүүр түһүлгэлэрэ. Үп-үрүҥ көстүүмнээх ырыаһыт уол кылыһахтаах куолаһынан ыллаан дьырылатан, эмиэ да хомустаан дьүрүһүтэн баран, арай, дьон бары истэн турдахтарына, доҕор кыыһын сыанаҕа ыҥыран, тапталга билиммитэ. Ону ааһан, киинэҕэ көстөрүн курдук, кэргэн тахсарга көрдөспүтэ!.. Биллэн турар, кыыс “сөп!” диэбитэ, долгуйан, хараҕа ууламмыта. Уол кыыска көмүс биһилэҕин кэтэрдибитэ, уураһан ылбыттара, оттон мустубут дьон үөрэн, бары ытыстарын таһыммыттара…

 

Барытыгар –  биир сүбэнэн

Бу “Биир күн” норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус кыа­йыылааҕа, хомусчут, ырыаһыт Айсен Аммосов олоҕун биир дьоллоох түгэнэ этэ. Кинилэр бу кэнниттэн уталыппакка, былырыын атырдьах ыйыгар сыбаайба­лаан ньиргиппиттэрэ. Сыбаайбалара ырыа-тойук, көр-нар, үөрүү-көтүү аргыстаах, бэркэ да ааспыта! Айсен ырыаһыт доҕотторо кэлэн үөрүүтүн тэҥҥэ үллэстибиттэрэ. Оттон уоллаах кыыс хартыыҥкаттан түспүт курдук үчүгэйкээн бэйэлээхтэрэ, кинилэр таптаспыт харахтарынан имэрийэ көрсөн ылалларын, сырдыы сыдьаайар, дьолломмут сирэйдэрин көрөн, киһи эрэ үөрүөх курдуга!..

Айсеннаах Саргы уопсай табаарыстарын төрөөбүт күнүгэр билсибиттэрэ. Көрдө көрөөт, уйаҕас ­иэйиилэрин таайан, икки эдэр туҥуй сүрэх бэйэ-бэйэлэригэр тардыһан, сэмэйдик сипсиһэн барбыттара. Аныгы ыччат сиэринэн, салгыы төлөпүөнүнэн билсэн-көрсөн, чугасыһан испиттэрэ.

Мантан ыла Аммосовтар туспа бур-бур буруо таһааран, иллээхтик-эйэлээхтик олороллор. Туохха барытыгар биир сүбэнэн сылдьаллар, суолталаах боппуруоһу барытын үһүөн остуол тула олорон, мунньахтаан быһаараллар. Саргылаана буҕаалтырынан үлэлиир, күннэрэ-ыйдара тахсар Эрсан диэн кырачаан уоллаахтар.

“Чыычаахпын куруук үөрдэ, сыллыы сылдьабын…”

— Айсен, дьэ, холостуой олох уонна ыал буолан олоруу төһө уратылаах эбитий?

— Холостуой эрдэххэ, бэйэҥ баскын бэйэҥ эрэ дьаһаннаххына сатанар. Барытыгар бэйэҥ эп­­пиэтинэһиҥ. Соҕотохсуйуу да баара. Ыал буолар диэн наһаа үчүгэй эбит. Дьиэбэр миигин өрүү күүтэллэр, мичээринэн сыдьаайа, сыллыы көрсөллөр, минньигэс, итии ас бэлэм буолар. Ол иһин дьиэҕэр кэлээри ыксыыгын.

Кэнсиэртиир көстүүмнэрим сууйуллан, өтүүктэнэн турар буолаллар – бу чугас киһиҥ кыһалларын, истиҥ сыһыанын бэлиэтэ дии саныыбын. Таптыыр киһим аттыбар баара туохтааҕар да күндү.

— Эбээһинэстэргитин хайдах үллэстэҕит?

— Дьиэтээҕи эбээһинэстэри сэлээннэспэккэ, уопсай сүбэнэн, ким хайдах сололооҕунан, иккиэн тэҥҥэ оҥоробут. Холобур, госту­руолга бардахпына, кэргэним барытын гынар, кини командировкаҕа бардаҕына, мин оҥоробун. Оҕо саадыттан “эн ыл, мин ылбаппын” дэһии, сүрэҕэлдьээһин, дьахтар үлэтэ бу, хайаан да иһит суу­йуохтаах диэн үллэстии эмиэ суох.

Чыычааҕым үлэтиттэн сылайан кэлбитин көрдөхпүнэ, барытын бэйэм гынабын. Мин сылайбыт буоллахпына, кэргэним ыйыта да барбат. Иккиэн этиспэккэ-кыыһырсыбакка, иллээхтик-эйэлээхтик дьиэ үлэтин бүтэрэн-оһорон иһэбит.

— Оттон өйдөспөт түгэн, этиһии тахсар түгэнигэр, хайдах быһаараҕыт?

— Хас биирдии ыалга өйдөспөт түгэннэр баар буолаллар. Мин эр киһи буоларым быһыытынан, улахан этиһиигэ кубулуппат курдук, саҥата суох барааччыбын. Оннук утарыласпакка, саҥата суох олорор киһиэхэ кэргэниҥ да өрө барбат буоллаҕа. “Чэ, бүтүөххэ” диэн буолар, куустуһабыт, онон эйэлэһэн кэбиһэбит. Оннук кыыһырсыы биирдэ эмит буолар, улаханнык этиһэр да төрүөт суох курдук (тү-тү-тү!).

— Таптал диэн, эн санааҕар?.. Кэргэҥҥэр тапталгын күннэтэ хайдах биллэрэҕин?

— Мин санаабар, таптал диэн олоҕу киэргэтэр олус күүстээх иэйии. Мин Саргыбын көрдөхпүнэ, наар үөрүөх-көтүөх, ыллыах-туойуох санаам, айар-тутар ­иэйиим киирэр. Тапталтан көтө сылдьар курдук буолабын. Кини мин сирдээҕи аналым буолара биллэр. Бэйэ-бэйэбитигэр курдаттыы тардыһабыт, суохтаһабыт, ахтыһабыт, бииргэ буоллахпытына эрэ, уоскуйабыт, дьоллонобут, уопсайынан, күүскэ таптаһабыт.

Таптыыр киһибин, чыы­чаахпын наар сыллыы сылдьабын, “күнүм” диэн ааттыыбын. Наар үөрдэ-көтүтэ сатыыбын. Киниэхэ бэлэх оҥорорбун сөбүлүүбүн.

“Киһи бэйэтин олоҕор – режиссер”

— Эр киһиэхэ кэргэнэ өйөбүл буолуохтаах дуо? Эбэтэр кини атаахтыыр, Муза эрэ буолар аналлаах дуу?

— Өйөбүл буолуохтаах дии саныыбын. Кэргэним миигин куруук өйүүр. Ыйы быһа гостуруоллуу баран хааллахпына, кини миигин өйдүүр-өйүүр буолан, тулу­йар буоллаҕа. Ол сылдьан, наһаа күүскэ ахтыһабыт. Миэхэ туох эмит курус санаа киирдэҕинэ, тугум эрэ табыллыбатаҕына, наһаа үчүгэйдик быһааран, сүбэлээн-амалаан биэрэр. Оччоҕуна, кыһалҕам түргэн баҕайытык быһаарыллан хааларга дылы.

Билигин Саргыта суох букатын сатаммаппын, кинитэ суох тугу да гыммаппын. Кини буҕаалтыр, аҕа саастаах дьону кытары алтыһар, үлэлиир буолан, өйө-са­­наата быдан сиппит-хоппут, ол иһин сүбэтэ-амата олус мындыр, муударай. Саргым сүбэтэ, истиҥ сыһыана, көмөлөһөр санаата туохтааҕар да күндү, ол иһин куруук өйөбүл буоларын олус сыаналыыбын.

— Эн оҕону олус сөбүлүүрүҥ көстөр. Уруккуттан оҕомсоххун дуо? Уолгутун тута оҕом диэн ылыммытыҥ дуо?

— Кыра эрдэхпиттэн балтыларбын-бырааттарбын көрөн ­улаатыннартаабыт буоламмын, оҕолору наһаа таптыыбын. Уолбут Эрсан аан бастакыттан миигин чугастык ылыммыта, тута “аҕам” диэн ааттаан, олус долгуппута. Оҕо диэн аньыыта-харата суох аанньал, дьылҕа бэлэҕэ, олох дьоло буоллаҕа дии!.. Кинини хайдах иитэргиттэн, майгыта-сигилитэ хатарыллар, инники олоҕо салаллар. Күммүт-ыйбыт оҕобутуттан тахсар, олохпутун киэргэтэр, сырдатар киһибит. Биһиги олохпут суолтата – кырачаан киһибит…

— Олоххо саамай күндү сыаннастар?

— Билиҥҥи үйэҕэ киһи ки­­һиэхэ үчүгэй сыһыана туохтааҕар да күндү. Үтүө санаалаах буолуохха, дьоҥҥо дьолу баҕарыахха наада. Хаһан да куһаҕаны оҥорумуохха наада дии саныыбын. Тугу оҥорбутуҥ барыта — үтүө үтүөнэн, мөкү мөкүнэн эргийэн кэлэр.

— Дьолу киһи бэйэтэ айар дуу?

— Дьолу киһи бэйэтэ оҥорор. Хас биирдии киһи бэйэтин олоҕор режиссер буолар. Ханнык сценарийы суруйара, ону олоххо хайдах киллэрэрэ бэйэтиттэн эрэ тутулуктаах. Өйүнэн-санаатынан салайан, күннээҕи дьайыытынан олоҕун оҥостор. Баҕа санаа баар дии. Сыал туруорунан, ол баҕа санаабытын хайаан да ситиһэ сатыыбыт. Холобур, мин хайаан да дьиэ, массыына ылыныах­таахпын, ханна эрэ барыахтаахпын, тугу эрэ ситиһиэхтээхпин диэн сыал туруорунабын уонна ону ситиһэргэ дьайыылары оҥоробун.

Ону тэҥэ, анал диэн баар. Бу олоххо саамай улахан дьол – бэйэ аналын булуу. Кэргэҥҥин кытта Таҥара көрсүһүннэртиир, икки таптаһар сүрэхтэри холботолуур дии саныыбын. Төһө оҕону биэрэринэн биэрэр. Мин Таҥараҕа наһаа итэҕэйэбин.

— Айсен, дьиэ кэргэҥҥитигэр уҕа­раабат дьолу, сойбот тапталы, айар үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын!

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0