«Айхалга 1 хостоох кыбартыыра сыаната 1-1,5 мөлүйүөн солкуобай», — диэн этэр «АЛРОСА» хампаанньа «Комсомольскай” карьерын кылаабынай инженерэ Тимофей Баишев.
Кини үлэтин сири үүттүүр тиэхиньикэ, экскаватор машиниһынан саҕалаан, хайа маастарыгар көһөн, учаастак начаалынньыгар, карьер кылаабынай инженеригэр тиийэ үүнэн-сайдан таҕыста.
«Сир анныгар хайа боруодатын хостуур үлэ сэрэхтээх, ол иһин куттала суох буолууну хааччыйыы болҕомто киинигэр тутуллар. «Комсомольскай» карьерга араас сылларга үөһэттэн таас түһэн, үлэни тохтото сылдьыбыппыт. Бырайыакка кэмигэр уларытыы киллэрэн, сэрэхтээх сирдэри туораан, урууданы хостуур үлэни сөргүтэн иһэбит», — диэн кэпсиир Тимофей Юрьевич.
Ыксаллаах быһыыга-майгыга кылаабынай инженер түргэнник сөптөөх быһаарыныы ылынан, тиэхиньикэни биэс тарбаҕын курдук билэн, эдэр үлэһиттэргэ уопутун үллэстэн, араас түгэҥҥэ үтүө сүбэһит буолар.
Ону таһынан, кылаабынай инженер карьерга күндү тааһы көрдөөн, сири үүттүүргэ уонна дэлби тэптэрэргэ научнай үлэнэн дьарыктанан, “Якутниипроалмаз” институту кытта үлэлэһэр. Аныгы технологияны туттан, “Комсомольскай” карьеры саҥардарга 2,4 мөлүйүөн солкуобай экэнэмиичэскэй барыстаах, хайа боруодатын арыйарга 3,2 мөлүйүөн солкуобай көдьүүстээх о.д.а. бырайыактары оҥорон таһаарбыта.
Инженер идэтин таларга, тиэхиньикэҕэ сыстаҕас, саҥаны айар-тутар, күнүстэри-түүннэри бүгүрү үлэһит, ыарахан ноҕуруусканы сатаан уйар уонна тулуйар дьон табыллан үлэлиир. Онон ыарахан үлэттэн толлубат дьон бырамыысыланнаска үлэлии кэлиэхтэрин сөп.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru