«Айхал» шахтатыгар буолбут алдьархай биир сыла

24.04.2018
Бөлөххө киир:

2017 сыл муус устар  26 күнүгэр, күнүс 14 чаас саҕана, «Алроса» АХ «Айхал» ГОК руднигар биир оробуочай өлүүлээх, хайа боруодатын сууллуута таҕыста диэн Ленскэй бырабылыанньатын силиэстийэлиир уорганыгар суһал иһитиннэрии киирбитэ.


Киһи өйүгэр баппат дириҥнээх, сир аннынааҕы рудникка түөрт киһиттэн састааптаах биригээдэ, нэрээт сорудаҕын толоро бөҕөргөтөр тирээбиллэри туруора сылдьыбыттара. Бу маннык ыарахан уонна сэрэхтээх үлэ көрүҥэр мээнэ дьоннор үлэлээбэттэр. Ол бириэмэҕэ, дьылҕа хаан ыйааҕынан эбитэ дуу, 8 куб кээмэйдээх хайа боруодата сууллан, биһиги улуус биир чаҕылхай уола, 1992 сыллааҕы төрүөх Василий Жендринскэй олоҕо чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр тохтообута.

Васябыт аанньаллыы сырдык да санаалааҕа, бэл, аны санаатахха, дьүһүннүүн, туттардыын-хаптардыын Орто дойду сыыһыттан-буоруттан тэйэ сылдьар курдуга. Ып-ыраас, сып-сырдык, уол бэрдэ этэ. Кини кэпсээн-ипсээн, күлэн-үөрэн дьиэҕэ киирэн кэллэҕинэ тула барыта сырдыыра, сэргэхсийэ түһэргэ дылыта. Ырыаны, хоһоону, футболу олус биһириирэ, кырачаан кыыһын наһаа даҕаны таптыыра, бодьуустаһара. Кыра сааһыттан олус сэргэх этэ. Эрдэ хаампыта, эрдэ тылламмыта, барытын олус үчүгэйдик өйдүүрэ, буойары ылынара, хаһан даҕаны атаахтаан, ону-маны былдьаһан ытыы-соҥуу сылдьыбытын, таҥаһын киртиппитин да өйдөөбөппүт. Киһи тугу этэрин, улааппытын да кэннэ тугу соруйары, көрдөһөрү барытын тута оҥорон иһэрэ, аккаастыыр диэни олох билбэтэ. Оҕобутугар эркин курдук эрэнэрбит, араас эппиэтинэстээх сорудаҕы толотторорбут. Дьэ, олоҕун оҥостон Мииринэй курдук промышленность муҥутаан сайдан турар сиригэр-уотугар үлэлээн-хамнаан киһи-хара буолуо диэн өйдөбүллээх сылдьыбыппыт… Наһаа да үөрүнньэҥ этэ, өрүү күлэ-үөрэ, мичилийэ сылдьаахтыыра. Киһиэхэ барытыгар истиҥ сыһыаннааҕа, дьону ытыктыы, кэрэни кэрэхсии улааппыта.

Ийэтэ Надежда Васильевна, аҕата Николай Иванович Жендринскэйдэр, бииргэ төрөөбүт балта Таня, кэргэнэ Екатерина ыар аһыылара, сүдү сүтүктэрэ билигин даҕаны тугунан даҕаны кэмнэммэт…

Убайа Семен Жендринскэй.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0