Айхал Габышев: Аҕалар күннэринэн!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Таптыыр Сахабыт сирин күүстээх санаалаах, мындыр өйдөөх, үлэни өрө туппут, булугас-талыгас аҕаларын бүгүҥҥү Аҕа күнүнэн итиитик-истиҥник ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

edersaas.ru.

Муус устар маҥнайгы өрөбүлүгэр өрөспүүбүлүкэбитигэр номнуо 21-с сылын Аҕа күнүн бэлиэтиибит. Аҕа күнэ — бигэ туруктаах, иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн бырааһынньыга. Биһиги мындыр өбүгэлэрбит хас биирдии уолу ыал аҕата буоларга уһуйаллар этэ, ол түмүгэр хас биирдии уол элбэх оҕолоох ыал аҕата буоларга дьулуһар. Билигин даҕаны ити сүрүн өйдөбүл салҕанан бара турар.

Бу Орто дойдуга ыал аҕата буолар үрдүк дьол! Аҕа — ыал бигэ тирэҕэ, дьиэ кэргэн – дойду бигэ тирэҕэ буолар! Хас биирдии ыал аҕатыгар элбэх кэрэ түгэни, дьолу-соргуну, үгүс-үтүмэн үөрүүнү, дьиэ кэргэҥҥитигэр иллээх-эйэлээх олоҕу, Саха сирин тыйыс тымныытыгар бэриммэт киил тииттии чэгиэн туругу баҕарабын!
Ил Дархан Айсен Николаев, бу сылы Дойдуга бэриниилээх буолуу сылынан биллэрбитин өрө тутан, биһиги аҕалар биир санаанан салайтаран дьиэ-кэргэммит бигэ туруктаах, төрөөбүт дойдубут тэтимнээхтик сайдарын, дьон-сэргэ олоҕо тупсарын туһугар таһаарыылаахтык, бэриниилээхтик өрө күүрүүлээхтик үлэлиэххэ! Дьиэ кэргэммитигэр, норуоппутугар, төрөөбүт дойдубутугар дурда-хахха буолуохха!

Айхал Габышев, «Аҕалар лигалара» АУо бэрэссэдээтэлэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0