Айхал буоллун – бэтэрээннэрбитигэр

Ааптар: 
07.05.2020
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга, куораттааҕы сынньалаҥ уонна култуура пааркатыгар 2015 с. балаҕан ыйын 16 күнүгэр, Ойуур үлэһиттэрин бырааһынньыгар, Ойууру көрөөччү искибиэрэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыбыта.

edersaas.ru

Искибиэргэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Николай Саввич Степанов өйдөбүнньүгэ туруоруллубута. Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үлэһиттэрэ уонна бэтэрээннэрэ бу ытык сиргэ ыам ыйын 9 күнүгэр кэлэн сүгүрүйэллэрэ үтүө үгэскэ кубулуйда. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Николай Степанов курдук Аҕа дойду Улуу сэриитигэр саа-саадах тутан ытык иэстэрин төлөөбүт, эйэлээх кэмҥэ олохторун баай хара тыаны араҥаччылааһыҥҥа анаабыт бэтэрээннэр аҕыйаҕа суохтар.

Аттаах сэрии байыаһа

Бүлүү улууһун Хаҕын нэһилиэгэр 1925 с. төрөөбүт Яков Петрович Григорьев аармыйаҕа 1943 с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. Илиҥҥи фроҥҥа VI Кавалерийскай дивизия байыаһа буолбута. Бастыҥ байыас быһыытынан сыаналанан, икки сыл рота маҥнайгы сүһүөх комсомольскай тэрилтэтин сэкирэтээринэн талыллан үлэлээбитэ. Элбэх бойобуой сорудаҕы үтүө суобастаахтык толорбута. Ол курдук, 1944 сыл күһүнүгэр билиэҥҥэ түбэспит 500 ньиэмэс саллаатын Орел куораттан Хабаровскайга диэри арыаллаан аҕалсыбыта. 1945 с. атырдьах ыйын 13 күнүттэн балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри Япония милитаристарын утары сэриилэспитэ. 1946-1947 сс. 1072-с стрелковай батальоҥҥа, 1947-1950 сс. 27243-с стрелковай батальоҥҥа сулууспалаабыта.

Яков Петрович дойдутугар 1950 с. эргиллэн, үлэ үөһүгэр түспүтэ. 1951-1960 сс. Микоян аатынан холкуос бэрэссэдээтэлинэн, 1960 с. бөдөҥсүйбүт Степан Аржаков аатынан холкуос солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Нэһилиэгин дьонун итэҕэллэрин ылан, 1951-1984 сс. олохтоох сэбиэт дьокутаатынан талыллыбыта. 1970-1983 сс. ойууру көрөөччүнэн үлэлээбитэ. «Германияны кыайыы иһин», «Японияны кыайыы иһин» уонна үгүс үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн, бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта.

Берлини ылсыбыта

Прокопий Афанасьевич Степанов 1922 с. Сунтаар оройуонун I Бордоҥ нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Сэттэ кылаастаах оскуола кэнниттэн саҥа тэриллибит МТС иһинэн аһыллыбыт кууруһу 1941 сыл сааһыгар бүтэрэн, тыраахтары ыытар быраабы ылбыта.

Аармыйаҕа биир бастакынан ыҥырыллан барбыта. Арҕаа Сибиирдээҕи 386-с саппаас байыаннай чааска бойобуой бэлэмнэниини ааһан, Волховскай фроҥҥа уоттаах сэриигэ киирбитэ. Бааһыран, госпитальга эмтэнэн баран 62-с полкаҕа сулууспалаабыта. 1942 с. атырдьах ыйыгар иккиһин бааһырбыта. Үтүөрэн баран, ахсыс гвардейскай полкаҕа минер буолбута. 1944-1945 сс. I Белорусскай фронт 283-c стрелковай полкатын састаабыгар сэриилэспитэ. Үс өстөөҕү билиэн ылан, “Хорсунун иһин” мэтээлинэн, Прага куоракка кыа хаанын тоҕон “Праганы босхолооһун иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Өстөөх арҕаҕар Берлиҥҥэ хорсуннук сэриилэһэн, “Берлины ылыы иһин”, “Германияны кыайыы иһин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Кыайыы кэнниттэн Австрияҕа 143-с гвардейскай штурмовой авиаполкаҕа техник-мэхээнньигинэн, авиа-сэбилэнии маастарынан сулууспалаабыта. Дойдутугар 1947 сыллаахха күһүн кэлбитэ.

Прокопий Афанасьевич норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар, ол иһигэр ойуур хаһаайыстыбатыгар, хомуньуустуу үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. 1985 с. «Аҕа дойду сэриитэ» I истиэпэннээх уордьанынан, «Волховскай фронт бэтэрээнэ», «Белоруссияны босхолооһун иһин» өйдөбүнньүк бэлиэлэринэн, үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Үс кыыс оҕолоох, сиэннэрдээх, хос сиэннэрдээх ытык кырдьаҕас быйыл 98 сааһын туолар.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0