Айгыына дьиҥнээх бэйэтин арыйдылар

10.04.2021
Бөлөххө киир:

Хотойук. Бу тылы саҥардарбын эрэ, тоҕо эрэ тутатына санаабар тыл каламбура оонньоон буолуо, «Хотой тойуга» диэн этии иһиллэр. Онтон, хотой тойуга… уруут-урут, оҕо сылдьан хотой саҥатын истибит уонна бэйэтин илэ көрбүт буоламмын дуу, сүдү саҥа, халлааны бүтүннүү ылан кэбиһэр тыас киһи кутун-сүрүн уһугуннарардыы сабардыыра өйбөр хаалбыт, хотой тойугун онуоха тэҥниибин.

edersaas.ru

Хотойук – киэҥ далааһын, киэҥник иһиллэр саҥа, киһи күүрэр туруга. Хотойук – Бээрийэ Кыыһа Хотойук Айгыына.

2021 сыл муус устар 9 күнүгэр Уус Алдан улууһун Бороҕон нэһилиэгэр Сергей Васильев—Борогонскай аатынан улуустааҕы Киин бибилэтиэкэҕэ Иванова Акулина Михайловна-Бээрийэ Кыыһа Хотойук Айгыына айар үлэтин 25 сылын бэлиэтиир анал тэрээһинэ буолан ааста. Манна ыраахтан-чугастан ыалдьыттар, көрсүһээччилэр тоҕуорустулар.

Айар куттаах киһини чиэстиир буолан, тэрээһин литературнай көрсүһүү сиэринэн, олус истиҥник, сэргэхтик тэрилиннэ. Маҥнай көрүөхпүттэн сөҕөн-махтайан бүппэт Бурнашева Ульяна Ивановнабыт иилээн-саҕалаан ыытта, наһаа да киһини түргэнник уус-уран эйгэ туругар киллэрэр, этэн-тыынан бардаҕына, мустубут дьону бүттүүн сомоҕолоон кэбиһэр, тутатына кыттыһан барарга дылыгын.

Бииртэн биир эҕэрдэлэр кутулуннулар. Мустубут алаһабыт хотуна Варвара Николаевна Окоемова бу үлэлээбит 25 сылын тухары билсэр киһи быһыытынан эҕэрдэтин эттэ уонна онно эбии хас да кыайан кэлбэтэх дэлэгээссийэлэр ааттарыттан бэлэх туттартаата, эҕэрдэлэрин тириэртэ. Төрөөбүт дойдутуттан Бээрийэттэн тыыннаах сибэкки дьөрбөтө тиийэн кэлэн, сибэкки дыргыл сыта барыбытын манньытта. Үлэлии-хамсыы, олорор Суотту нэһилиэгин бибилэтиэкэтиттэн эмиэ эҕэрдэ истиҥин тириэртилэр. Олорон ааспыт Чараҥ нэһилиэгин Кулантай уран тыл түмэлин аатыттан салайааччылар Айгыынаны айар-тутар эйгэҕэ кынаттаабыт Зоя Васильевна уонна Иван Васильевич Мигалкиннар ааттарыттан бэлэх туттардылар, уруккуну-хойуккуну ахтыһан аастылар. Тандаттан бииргэ төрөөбүт эрээри, тус-туспа иитиллэн, улаатан эрэ баран хаан тардыһыытынан алтыспыт эдьиийэ тиийэн кэлэн, балтын киэһэтин тэрийистэ. Өрүү алтыһар, биир түмсүүгэ буһарылла-хатарылла сылдьар дьүөгэлэрэ олус истиҥник Айгыына хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр.

Айар киэһэ сүрүн чааһынан диэххэ дуу, Уус Алдаҥҥа уутуйан олорор дьон куораттан тиийэн кэлбит истиҥ ыалдьыттарбыт кэпсээннэрин, эҕэрдэлэрин истэн дуоһуйдубут. «Арчы дьиэтэ» киин методиһа Анна Холмогорова, «Тубсаана» айар түмсүү кыттыылаахтара (кинилэртэн биирдэстэрэ мин үөрэммит дойдум олохтооҕо Каратаева Любовь Афанасьевна), cуруйааччы Дмитрий Апросимов уола Александр Апросимов уо.д.а. Акулина Михайловнаны кытары ыкса үлэлэһэр, алтыһар биир эйгэтин дьоно: талыы талба талааннаах маанылаахтара, тыл-өс, ырыа-тойук тойотторо-хотуттара. саха тыынын толору иҥэринэ сылдьар дьон. Биһиэхэ Айгыынаҕа көрбөтөх-истибэтэх өрүттэрбитин арыйдылар, бэрт дьиибэ буолуталаабыт быһыылары сэһэргээтилэр.

Уопсайынан, бу киэһэ Айгыына аҥаардас айар үлэтэ эрэ буолбакка, бүттүүн олоҕо араас сирдэртэн тиийэн кэлэн, мозаика үлтүркэйдэрэ түмүллэннэр биир хартыынаҕа хомуллан хааларын курдук, Айгыына дьиҥнээх бэйэтин арыйан көрдөрдүлэр дии санаатым. Мин ол үлтүркэйдэриттэн биирдэстэрэ буоларбыттан, бэйэм олохпор араас кэмнэргэ алтыһан ааспыппыттан, сэмэйдик дьоллооҕунан ааҕынным.

Киһи олоҕо ыраахтан, тэйиччиттэн бэрт судургу, чэпчэки курдук көстөр. Бэйэбит да суруйарбытыгар хас биирдии тоҕооһу аахса олорбоппут, холобурдаан эттэххэ, Айгыына 2015 сыллаахха суруйааччылар сойуустарыгар киирбитэ диибит. Санаан көрдөххө, хас эмэ сылы быһа суруйар киһи киириминэ диэххэ сөп. Ол эрээри, ити кураанах «факт» кэтэҕэр төһөлөөх сыралаах үлэ, ол үлэҕэ кыһамньыны ууруу, муунтуйуу, эрэйдэнии даҕаны баарын ааҕан сиппэккин. Ханнык баҕарар ситиһии 99 бырыһыана үлэттэн, 1 эрэ бырыһыана талаантан, дьоҕуртан турар. Айгыына 25 сыл тухары айар үлэҕэ анаабыт олоҕо – кураанах сыыппара буолбатах, бу үйэ чиэппэрэ – дьоһун уопут, сүҥкэн кылаат. Аны олоҕо даҕаны эриэ-дэхси суолу оҥорботоҕо, 25 сыл тухары эриири-мускууру, моһоллору көрсүбүтүн иһин, тостубакка-толлубакка, эбиитин чочуллан-нарыланан, бу да кэлэн кэпсии олороругар: «суруйар үлэм өссө да иннигэр» диирэ чахчы аатын бигэргэтэр – хотойдуу көрүүлээҕин, киэҥ, дириҥ, тулуурдаах куттааҕын…

Сүрүн сэргээбитим диэн, баҕар, бэйэм прозаны ордорор буоламмын дуу, Айгыына үһүс кинигэтигэр сүүрбэччэ кэпсээнин хомуйа тутан, «Айар» кинигэ кыһатыгар күн сирин көрдөрөөрү сылдьара. Төһө да дьоҥҥо-сэргэҕэ, айылҕаҕа, тулалыыр эйгэҕэ тапталы хоһуйбут иһин, айар куттаах киһи бэлиитикэни уонна философскай көрүүлэри этиниэхтээх диирин сөбүлээтим. Биһиги улуу классиктарбыт дойду сүрүн фундаменын түһэриитин саҕана саха норуота сайдар суолун булунар хайысхатын ыйбыттара-кэпсээбиттэрэ, айымньыларга тиспиттэрэ. Билиҥҥи сайдыы тэтимигэр, чахчы, араастаан куолулуур, сыыһа суоллары тутуһа сатыыр дьон, мин санаабар, бааллар. Айар куттаах дьон сытыы кылааннаах тылбытынан-өспүтүнэн бутууру-отуору көннөрүөх, дьону өйдөтүөх тустаахпыт.

Акулина Михайловна ити суолу тутан айар үлэтэ өссө да өрө күүрүүлээхтик, дириҥ хорутуулаахтык айаннатан иһэригэр баҕарабын!

Айар киэһэ бүтэр чааһыгар остуол тула олорон, итии чэй иһэ-иһэ, Уус Алдан айар куттаахтарын көмөтүнэн тэриллибит ас маанытын амсайа-амсайа сэһэргэстибит. Түгэнинэн туһанан, бу киэһэни ситэрэн-хоторон, тэрийэн-тэрийсэн, бу тэрээһин тула түбүгүрбүт дьоҥҥо барыгытыгар барҕа махталбын биллэрэбин!

«Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru саайтка анаан

Анатолий КИРИЛЛИН-ТОЛИКУС.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0