Бүгүн, тохсунньу 12 күнүгэр, дойду үрдүнэн Борокуратуура үлэһитин күнэ бэлиэтэнэр.
Бу идэлээх бырааһынньыктарынан сибээстээн, биһиги сайтпыт ыйытыыларыгар өрөспүүбүлүкэ борокуруорун бастакы солбуйааччы, юстиция 3-с кылаастаах судаарыстыбаннай советнига Айдар Иванов хоруйдаата.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ», https://edersaas.ru/
— Айдар Лазаревич, ааспыт 2016 сыл түмүктэрэ таҕыстахтара. Борокуратуура уорганнара ханнык хайысханан ситиһиилээхтик үлэлээтилэр дии саныыгыный? Ханныкка өссө кыһаллыахтарын нааданый?
— Биллэрин курдук, борокуратуура уорганнара олох бары эйгэтин хабан, дьон быраабын, интэриэстэрин көмүскүүллэр, сокуону тутуһууну надзордууллар. Ордук чуолаан, социальнай эйгэҕэ, хамнаска иэһи төлөттөрүүгэ үчүгэй көрдөрүүлээхпит.
Холобурдаатахха, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, бука, өйдүүллэрэ буолуо, Өймөкөөн улууһугар көмүһү хостуур салаа үлэһиттэрэ 2015 сылга промышленнай сезон бүтүүтүгэр сүүһүнэн мөлүйүөн сыллааҕы бириэмийэлэрин-харчыларын ылбатахтарын. Салайааччылара эппиэтинэһэ суохтарын уонна криминальнай дьайыыларын түмүгэр. Маныаха борокуратуура кэккэ миэрэлэри ылан (суукка сайабылыанньалар, административнай уонна холуобунай дьыалалар), ити иэс толору төлөммүтэ.
Атын да тэрилтэлэргэ үлэһит хамнаһын ылар бырааба кэһиллибитин көмүскээн, 400-кэ киһини административнай эппиэккэ тартыбыт, 1,9 млрд. солк. иэһи төлөттөрдүбүт. Итинэн 18 тыһ. тахса гражданин быраабын көмүскээтибит.
Маны тэҥэ, доруобуйа харыстабылын, экономика, сылааһынан хааччыйыы эйгэлэригэр борокуруордар ураты болҕомтолорун ууран, үчүгэй көрдөрүүлэр бааллар. Холобура, аҥардас экономика эйгэтигэр борокуратуура ыыппыт бэрэбиэркэлэригэр олоҕуран, 30-тан тахса холуобунай дьыала тэрилиннэ.
Бу үүммүт сылга бары хайысхаларынан үлэбитин салгыахпыт, ол, ордук чуолаан – социальнай боппуруостар, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор бырааптара, хамнаска иэһи төлөттөрүү, коррупция, буруйу оҥоруу охсуһуу үлэтин сүрүннээһин.
— Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор бырааптара диэтиҥ – манна быһыы-майгы хайдаҕый?
— Үлэбит сүрүн соруктарыттан биирдэстэрэ. Бу хайысханан 11 тыһ. тахса сокуону кэһиини буллубут. Ол курдук, оҕо босуобуйатыгар, онтон да атын төлөбүрдэргэ, элбэх оҕолоох ыаллар коммунальнай төлөбүрдэригэр чэпчэтиилэри хааччыйбат буолууга миэрэлэр ылыллыбыттара. Борокуруордар туруорсууларынан, элбэх оҕолоох ыалларга 500-тэн тахса сир бэрилиннэ, өссө 800-кэ оҥоһулла сылдьар.
Оҕо үөрэнэр быраабын бэрэбиэркэлээһин түмүгэр, 123 оҕо үөрэх дьылыгар бэлэмэ суоҕа биллибитэ. Өрөспүүбүлүкэ Борокуратууратын туруорсуутунан, оҕону үөрэнэ киирэригэр, биирдиилээн предметтэри дириҥник үөрэтэр оскуолаҕа көһөрүгэр биир ирдэбил туттуллара судаарыстыба таһымыгар ылылынна.
Ааспыт сылга 492 тулаайах оҕоҕо дьиэ тутуутугар госбюджеттан 30 % үбүлэнэрин ситистибит.
— Коррупцияны утары сокуону кэһии төһө элбэҕий? Ордук ханнык эйгэҕэ?
— Манна борокуруордар 3 тыһ. тахса кэһиини буллулар. 500-тэн тахса киһи административнай уонна дьиссипилиинэ эппиэтинэһигэр тардылынна. 160 буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ.
Бу сокуону кэһии үксэ муниципальнай уонна судаарыстыбаннай сулууспалаахтарга тахсар: дохуоттарын, ороскуоттарын туһунан ыспыраапкаларын биэриилэригэр, чунуобунньуктар коммерческай тэрилтэлэргэ кыттыыларыгар, үлэ дуогабарын түһэрсиигэ.
Коррупцияҕа сыһыаннаах буруйу оҥоруу, сүрүннээн, хонтуруоллуур уонна надзордуур тэрээһиннэргэ, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай баайы-малы салайыыга, тыа хаһаайыстыбатын уонна тутуу эйгэлэригэр тахсар. Маны тэҥэ, муниципальнай тэриллиилэр баһылыктара боломуочуйаларынан туһанан, бюджет үбүн-харчытын хорон сиэһиннэрэ тахса тураллар.
— Айылҕа харыстабылын эйгэтигэр сокуону тутуһууну надзордааһын үлэтэ хайдаҕый?
— Бу ааспыт сылга 3 тыһ. тахса сокуону кэһии булулунна. 820-тэн тахса буруйдаах киһи эппиэтинэскэ тардылынна, борокуратуура бэрэбиэркэлэригэр олоҕуран, 17 холуобунай дьыала тэрилиннэ. Маныаха ойуур баһаардарын сэрэтиигэ борокуратуура кэккэ миэрэлэри ылан, ахсаана 224-тэн 157-ҕэ диэри аччыырын ситистибит.
— Айдар Лазаревич, бүгүн идэлээх бырааһынньыккытынан эҕэрдэлээн туран, 2016 сыл түмүгүнэн үчүгэй үлэлээх борокуратууралары ааттыыргар көрдөһөбүн.
— Кырдьыга, сылын аайы итинник куонкуруһу ыытабыт. Ол эрэн, ааспыт сыллааҕы түмүгү бакаа таһаара иликпит, ону бу ый бүтүүтүгэр киэҥ ыҥырыылаах кэллиэгийэбитигэр иһитиннэриэхпит. Инники күөҥҥэ иһээччилэринэн Дьокуускай куорат, Анаабыр, Бүлүү, Ньурба, Кэбээйи, Чурапчы уонна Удачнай куорат борокуратуураларын ааттыахпын сөп.
Борокуратуура үлэһитэ олох бары эйгэтигэр кэриэтэ гражданнар интэриэстэрин, бырааптарын көмүскүүр, сууттарга судаарыстыба буруйдааһынын толорор, гражданскай дьыалалары көрүүгэ кыттар, быраабы араҥаччылыыр уорганнар буруйу оҥорууну утары үлэлэрин сүрүннүүр.
Бүгүн бэлиэ күммүтүнэн борокуратуура уорганнарын бары үлэһиттэрин уонна бэтэрээннэрин ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлээн туран, сокуоҥҥа сулууспаҕыт, бэриниилээх буолуугут иһин махтанабын итиэннэ үчүгэй настарыанньаны, ситиһиилэри баҕарабын!
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ», https://edersaas.ru/
Хаартыска: СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата.