Кирдээх хаар полигонугар 25 мөл. солк. көрдүлэр

Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат уулуссаларыгар мунньуллубут хаары эрэ буолбакка, оннооҕор бөҕү-саҕы куорат ортотугар — Эргиир (Объездной) суол таһыгар илдьэн сүөкүүллэр. Онон бу эргин олорооччулар сыл ахсын ууга бараллар.

“Полигон складирования чистого снега” диэн табличкалаах полигон туһунан биһиги хаһыаппытыгар хаста даҕаны суруйан турабыт. Бу полигоҥҥа ыраас хаары көрбөккүн. Куорат уулуссаларыгар кыһыны быһа кыстаабыт хаары, мууһу, бөҕү-саҕы барытын тэҥинэн аҕалаллар. Аны полигон нөҥүө Култуура уонна сынньалаҥ паарката баар. Онон, сыбаалканы кытары куустуһуоҕуттан, паарка салгына чэбдигин сүтэрэр, кирдээх зона диэки турар мастара кэхтэр чинчилээхтэр.

Аатыгар эрэ ыраас хаары мунньар аналлаах сир өссө биир сиэртибэтинэн, урукку дьылларга дьэҥкир уулаах, балыктаах күөллэрэ буолбут. Билигин күөл санитарнай-химическэй туруга мөлтөөн, ууну оҕуруокка кутуу, техническэй уу быһыытынан туһаныы кытаанахтык боппуллубут. Күөл сайҕаммакка, аҥардастыы бөҕүнэн-саҕынан “аһылыктанан”, көҕөрө өлөн, ньамаҕынан бүрүллэн турар. Аны ону ааһан полигон бөҕө-саҕа күөлү ыган, саас, сайын аттынааҕы учаастактары уу ылар буолбут.

2017 сыл Экология Сылынан биллэриллэн, Дьокуускай куорат мэрин дьаһалынан, хаар полигонун ыраастааһыҥҥа, сирин-уотун чөлүгэр түһэриигэ 25 мөл. солк. көрүллүөхтээҕин туһунан Айылҕа харыстабылын Дьокуускайдааҕы кэмитиэтэ иһитиннэрдэ. Маны таһынан саҥа полигону тутууга анаан 100 мөл. солк. аттарыллыахтаах.

Анивера АКИМОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0